Саха сиригэр биэрэпис саҕаланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сиригэр бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис саҕаланна. Бу ыйга Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Усуйаана нэһилиэнньэтэ биэрэпистэниэҕэ. Абый, Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Өлөөн, Эбээн Бытантай улуустарыгар муус устарга сорох нэһилиэктэргэ эрэ биэрэпис ыытыллыаҕа. 

От ыйыгар Өлүөхүмэ улууһун ыраах сытар нэһилиэктэригэр биэрэпис ыытааччылара тиийиэхтэрэ. Оттон атырдьах ыйыгар Алдан, Өймөкөөн уонна Уус Майа биэрэпистэнэллэр.

Балаҕан ыйыгар Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Ньурба, Өлөөн, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан уонна Хаҥалас улуустарын нэһилиэктэрин сороҕо биэрэпискэ кыттыахтара.

Биэрэпис кэмигэр бу нэһилиэнньэлээх пууннарга олорор Арассыыйа гражданнара бары кытталлар, ол иһигэр байыаннай сулууспаны ааһааччылар, социальнай тэрилтэ олохтоохторо (кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ), балыыһаҕа сытааччылар, нэһилиэк таһыгар үлэлээх дьон (гидрометеостанциялар, гидропостар, кордоннар, заповедниктар үлэһиттэрэ), хаайыылаахтар.

Вахта быһыытынан үлэлии кэлбит дьон биэрэпискэ кыттыбаттар, кинилэри олорор сирдэригэр учуоттууллар.

Биэрэпискэ 14 сааһын туолбут Арассыыйа гражданина кыттар. Алын саастаахтар оннуларыгар төрөппүттэрэ хоруйдууллар. Биэрэпискэ «Госуслуги» портал нөҥүө кыттыахха сөп.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска www.sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0