Саха сиригэр Арктика оройуоннарыгар 30 сыл кэннэ аан бастаан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр көһөрүү бырагырааматынан үлэҕэ киирэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан Саха сирин Арктика биэс оройуонугар элбэх кыбартыыралаах 11 дьиэ киирдэ. Сыл бүтүөр диэри өссө Үөһээ Халыма уонна Эдьигээн оройуоннарыгар киирэрэ күүтүллэр.

“Отут сыл тохтоон баран, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан Арктикаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу саҕаланна. 2025 сылга диэри Арктика оройуоннарыгар өссө 490 дьиэни көһөрүөхтэрэ, ол аата 8,2 тыһыынча хоту дойду олохтооҕо саҥа дьиэлэниэ”, — диэн бэлиэтээтэ эрэгийиэн баһылыга Айсен Николаев.

2021 сылга көһөрүллээччилэргэ Анаабыр, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Өлөөн оройуоннарыгар тутулуннулар. Бу күннэргэ саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ Үөһээ Халыма Зырянка, Өлөөн оройуонун Өлөөн уонна Харыйалаах сэлиэнньэлэрин олохтоохторо ылыахтара.

Зырянка бөһүөлэгэр хаарбах дьиэттэн көһөрүллээччилэргэ 44 кыбартыыралаах олорор дьиэ, оттон Өлөөн уонна Харыйалаах сэлиэнньэлэригэр 16-лыы кыбартыыралаах дьиэлэр тутулуннулар.

Тутуу министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, гражданар Дьокуускай куоракка олорор дьиэни ылар быраабынан туһаныахтарын син.

Холобура, көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэрии түһүмэҕэр 2022 сылга Булуҥ, Дьааҥы, Эдьигээн, Өлөөн, Усуйаана оройуоннарын саахалланар дьиэлэрин олохтоохторун сайаапкаларынан кинилэргэ Дьокуускай куоракка кыбартыыралары ылыахтара.  Эрэгийиэн киин куоратыгар көһүөн баҕалаах Арктика оройуоннарын олохтоохторугар уопсайа 3149,13 квадратнай миэтэрэ олорор дьиэни ылар былааннаахтар.

Уопсайа өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраама чэрчитинэн 2022-2023 сылларга 23 элбэх  кыбартыыралаах  дьиэлэри Абый, Анаабыр, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Өлөөн, Аллараа Халыма, Муома, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0