Саха сиригэр аччыгый авиация хайаан да наада

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр, үгүс нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сыталларынан сибээстээн,  аччыгый авиация хайаан да наада.  Манна аналлаах боппуруоска бэҕэһээ  СӨ премьер-миниистирэ Андрей Тарасенко кыттыылаах мунньах буолан ааста.

Тэрээһиҥҥэ РФ Салгын тырааныспарыгар  федеральнай агентствотын Саха сиринээҕи управлениетын, өрөспүүбүлүкэтээҕи аччыгый авиация  Ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ уонна Ан-2 сөмөлүөттэри, Ми-8 бөртөлүөттэри  көтүтээччилэр кытыннылар. Мунньах түмүгүнэн,  өрөспүүбүлүкэҕэ инники өттүгэр аччыгый авиацияны сайыннарыыга  аналлаах этиилэр түмүлүннүлэр уонна олору олоххо киллэриигэ үлэ ыытыллыаҕа.

Санатар буоллахха,  СӨ Бырабыыталыстыбата  РФ Тырааныспарга министиэристибэтигэр  эрэгийиэҥҥэ  аччыгый авиацияны сайыннарыыга аналлаах усулуобуйаны тэрийэргэ этиини киллэрбитэ. Итини тэҥэ, авиация үлэтин тэрийиигэ аналлаах сэртипикээттэри ылыыга үлэ  салгыы ыытыллыаҕа.  Сотору анал докумуоннары Саха сиригэр «Лидер» уонна «Авиа ТО уонна Р» ХЭУо-лар ылыахтара. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр «Восход» ХЭУо  эрэ аччыгый авиация бэрэстэбиитэлинэн эрэ үлэлиир соҕотох хампаанньанан буолар.

Мунньахха чуолаан аччыгый авиация лүөччүктэрин  бэлэмниир үлэ ыытыллыахтааҕын, Саха сиригэр дьоҕус сөмөлүөттэри өрүөмүөннүүр кыах баар буолуохтааҕын уонна, саамай сүрүнэ, аччыгый авиация өҥөтө (билиэт сыаната) лаппа  чэпчиэхтээҕин  туһунан этиннилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0