Саха сиригэр 80 ойуур баһаара баар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

От ыйын 27 күнүн сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ Алдан оройуонугар 2 117,1 га иэннээх үс ойуур баһаара умуруорулунна.

Саха сирин үрдүнэн барыта 95 853,1 га иэннээх 80 ойуур баһаара баара биллэр: Аммаҕа — 1, Муомаҕа —1, Ньурбаҕа — 1, Үөһээ Бүлүүгэ — 1, Сунтаарга — 1, Кэбээйигэ — 1, Уус Алдаҥҥа — 1, Өлөөҥҥө — 1, Тааттаҕа — 2, Мииринэйгэ — 2, Өймөкөөҥҥө — 6, Нерюнгригэ — 16, Уус Майаҕа — 18, Алдаҥҥа — 27. Итиэннэ Өлөөҥҥө, Уус Алдаҥҥа — 1-дии, Тааттаҕа, Мииринэйгэ — 2-лии ландшафтнай баһаардар бааллар. Былырыын баччаларга өрөспүүбүлүкэҕэ 1 360 609,5 га иэннээх 126 ойуур баһаара баара.

6262,1 га иэннээх Алдаҥҥа, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ, Ньурбаҕа, Өймөкөөҥҥө, Сунтаарга, Тааттаҕа, Уус Майаҕа, Өймөкөөҥҥө баһаары умуруорарга үлэ барар. Сунтаарга 9 га иэннээх 1 ойуур баһаара бохсулунна.

Отчуоттанар кэм устата 643,1 га иэннээх 9 ойуур баһаара көһүнэ: Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Уус Майаҕа, Мииринэйгэ, Алдаҥҥа, Нерюнгригэ, Өлөөҥҥө.

Уоту умуруорууга 969 киһи үлэлиир, онтон 660 парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа үлэһитэ, 139 ойуур баһаарын утары үлэлиир сулууспа үлэһитэ, 45 ГПС үлэһитэ, 125 олохтоох киһи. Манна 70 тиэхиньикэ үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0