Саха сиригэр 64 ойуур баһаарын умуруораллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи ойуур пуондатыгар, уопсайа, 40 599,8 га иэннээх 64 ойуур баһаарын умуллараллар.

edersaas.ru

Бу баһаардар 16 улууска бааллар: Аммаҕа – 1, Үөһээ Бүлүүгэ – 10, Бүлүүгэ – 6, Горнайга – 5, Кэбээйигэ – 2, Ленскэйгэ – 3, Мэҥэ Хаҥаласка – 1, Мииринэйгэ – 2, Ньурбаҕа – 6, Өймөкөөҥҥө – 2, Өлүөхүмэҕэ – 7, Сунтаарга — 6, Томпоҕо – 1, Уус Маайаҕа – 3, Хаҥаласка – 9.

Итинтэн аҕыс улууска баар (Үөһээ Бүлүүгэ – 2, Бүлүүгэ – 1, Горнайга – 1, Мэҥэ Хаҥаласка – 1, Ньурбаҕа – 2, Өлүөхүмэҕэ – 2, Сунтаарга – 1, Хаҥаласка – 4) барыта 11 053,8 га иэннээх 14 ойуур баһаарын бохсубуттар.

Баһаары умуруорууга 1 836 киһи уонна 107 тиэхиньикэ сыһыарыллыбыт.

Ааспыт суукка устата 3 171,1 га иэннээх 14 баһаары умуруордулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0