Саха сиригэр 58 оскуола өрөмүөннэниэҕэ

Бөлөххө киир:

Быйыл дойдубут үрдүнэн оскуолалары өрөмүөннээһиҥҥэ үбүлээһин көрүллэн, үгүс эрэгийиэҥҥэ орто оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэрэ саҕаламмыта. Саха сиригэр бу бырагырааманан барыта 58 эбийиэк саҥардыллыахтаах. Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев “Саха” НКИХ биэриитигэр иһитиннэрдэ.

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа съеһин түмүгүнэн, быйыл дойдубут үрдүнэн оскуолалары өрөмүөннээһиҥҥэ улахан хамсааһын тахсыбыта. Саха сиригэр 2,8 млрд солкуобай көрүллэн, билигин өрөмүөн үлэтэ бара турар. Бу бырагыраамаҕа барыта 58 эбийиэк киирбитэ. Итинтэн быйыл 37 оскуола өрөмүөннэнэн бүтүөхтээх. Быйыл бу сыалга 2,5 млрд солкуобай көрүллэн турар. Хантараактар бары түһэрсиллибиттэрэ, үлэ бара турар. Бу бырагыраама эһиил эмиэ салҕанан барыахтаах, эһиилги сылга 2023-2024 сылларга былаан оҥоһуллуохтаах, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0