Саха сиригэр 5790 га иэннээх ойуур умайа турар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 5790 гектар иэннээх алта ойуур баһаара умайа турар. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойуур хаһаайыстыбатын департамена иһитиннэрдэ. Быйылгы баһаар иэнэ былырыыҥҥы баһаардары икки төгүл куоһарбыт. Ленскэй оройуонугар 490 га иэннээх , Миирнэй оройуонугар 200 га иэннээх уонна Таатта оройуонугар 3150 га иэннээх баһаардар умайа тураллар. Билиҥҥи туругунан үс баһаар тохтотуллубут.  Миирнэйгэ 130 га, Ньурба улууһугар 370 га уонна Сунтаар улууһугар 1450 га иэннээх ойуур баһаардара тохтотулуннулар.

«2018 сылга баһаар туруон сөптөөх кэмэ саҕаланыаҕыттан ыла уопсайа 8687,84 га иэннээх 43 баһаар бара турар. Былырыын баччаларга 4102,5 га иэннээх 80 ойуур баһаара бара турбута«, — диэн ойуур хаһаайыстыбатын департамена биллэрдэ.

Саха сирин олохтоохторо, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуҥ. Баһаар тахсыбытын көрдөххүтүнэ, тута Эрэгийиэннээҕи диспетчердэр сулууспаларыгар  8-4112-44-74-76 нүөмэринэн, эбэтэр ойуур харыстабылын быһа нүөмэригэр 8-800-100-94-00 эрийэн биллэриҥ.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0