Саха сиригэр быыбар кэмигэр кэһии тахсыбата

Бөлөххө киир:

228 быыбардыыр хампаанньаттан Хаҥаласка, Сунтаарга уонна Аммаҕа улуус баһылыгар быыбар буолла. Маны сэргэ 103 нэһилиэккэ — баһылык, 6 оройуоҥҥа уонна 116 нэһилиэккэ — дьокутаат.

Эрэгийиэн Киин быыбардыыр хамыыһыйата ТАСС-ка иһитиннэрбитинэн, быыбар кэмигэр кэһии тахсыбатах.

«Саха сиригэр 228 быыбардыыр хампаанньа баар. 18:00 чаастааҕы дааннайдарынан, барыта 66,8 тыһыынча киһи (38,85 %) кытынна. Болдьох иннинэ 12,1 тыһыынча киһи куолаһын биэрбитэ. Быыбар кэмигэр кэһии тахсыбата», — диэн иһитиннэриигэ суруллубут.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0