Саха сиригэр алта ойуур баһаарын утары үлэ барар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр балаҕан ыйын 7 күнүгэр алта ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ барар. Уоту умуруоруу үлэтэ Горнай, Өлүөхүмэ уонна Чурапчы улуустарыгар ыытыллар.

edersaas.ru

Таатта улууһун Кыйы нэһилиэгиттэн 17 км ыраах сиргэ биир баһаар умуруорулунна. Баһаарга былдьаммыт сирдэр уопсай иэннэрэ — 547,1 га.

Ааспыт суукаҕа Кэбээйигэ, Намҥа уонна Чурапчыга үс баһаар тохтотуллубут. Уоту умуруорууга 126 киһи кыттыыны ылла, 22 анал тиэхиньикэ үлэлээтэ. Хонтуруолланар зонаҕа, киһи сатаан тиийбэт сирдэригэр 21 термоточка баара биллэр. Бу сирдэри куйаартан кэтээн көрөллөр.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0