Саха сиригэр тоҕус ойуур баһаара бохсулунна

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 17 ойуур баһаара баарыттан тоҕуһа бохсулунна диэн СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-слууспата иһитиннэрэр.

Эрэгийиэҥҥэ уот ылбыт сирэ 246,70 га иэннээх сиргэ тэҥнэһэр. Ааспыт сууккаҕа Бүлүү, Нам, Таатта улуустарыгар уот бохсулунна.

Баһаары умулларыыга барыта 307 киһи уонна 32 тиэхиньикэ үлэлиир.

Хонтуруолланар, уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ уонна тыа пуондатыгар барыта 91,683,00 га иэннээх 34 термотуочука баар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0