Саха сиригэр 2024 сылга диэри 1,2 тыһ. км уһуннаах эрэгийиэннээҕи суол өрөмүөннэниллиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустиҥҥа суоллары өрөмүөннээһин былаанын билиһиннэрдэ. Ол курдук, 2024 сылга диэри эрэгийиэннээҕи таһымнаах суолга 1242 км уһуннаах учаастак өрөмүөннэниллиэҕэ.

«Суолу тутуу биэс сыллаах былаана бигэргэтиллибит. Былаан сүрүн сыалынан бары суоллары биир кэлим ситимҥэ түмүү буолар, бу туһунан РФ Бэрэсидьиэнэ эмиэ этэн турар. Сирбит-уоппут олус киэҥ, Саха сирэ Уһук Илиҥҥи уокурукка саамай улахан сирдээҕинэн-уоттааҕынан биллэр. Өрөспүүбүлүкэ былаанын биһиги толору өйүүбүт — федеральнай да, эрэгийиэннээҕи да суолларга», – диэн Михаил Мишустин эттэ.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин баар инфраструктураны нуормаҕа эппиэттиир гына оҥорорго сыал-сорук туруорбута. «Хаачыстыбалаах куттала суох суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр ааспыт үс сыл устатыгар 625 км кэриҥэ уһуннаах суол учаастага өрөмүөннэниллибит. Итинтэн 554 км-рэ эрэгийиэннээҕи уонна 98 км-рэ Дьокуускай куораттааҕы суоллар буолаллар. 2022 сылга Саха сиригэр барыта 254 км уһуннаах эрэгийиэннээҕи суол (3,9 млрд. солк.) уонна 34,6 км уһуннаах Дьокуускайдааҕы суол өрөмүөннэниллиэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0