Саха сиригэр 2022 сылга булт болдьоҕун туһунан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйылгы булт сезона СӨ Ил Дархана былырыын муус устар 1 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕар баар болдьохторунан буолуоҕа.

Оройуоннар булка сэбиэттэрин этиилэринэн, анды булдун ыам ыйын 29-ттан бэс ыйын 4 күнүгэр диэри көһөрүөхтэрэ. Эрдэ андыга бэс ыйын 1-4 күннэригэр тахсаллара.

Тайах сорох бөлөҕөр булду балаҕан ыйын 15 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр диэри буолуоҕа. Эрдэ алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 15-гэр диэри этэ.

Хагдаҥ эһэни атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри бултуохха сөп.

Кыыл табаны атырдьах ыйын 1 күнүттэн кэлэр сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри бултуохха сөп.

Атыыр туртаска булт атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри буолуоҕа.

Атыыр куһу «подсадной» кустаах бултуур буоллахха, киин, илин эҥээр уонна соҕуруу улуустарга муус устар 21 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри бултуохха сөп. Хоту улуустарга — муус устар 24 күнүттэн ыам ыйын 23 күнүгэр диэри.

Сиһилии yakutia-daily.ru саайтка ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0