Саха сиригэр 2019 сылга 600-тэн тахса тулаайаҕы дьиэнэн-уотунан хааччыйар сорук турар
05.02.2019
2019 сылга 600-тэн тахса тулаайаҕы дьиэнэн-уотунан хааччыйар сорук турар. Ити хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 1,3 млрд солкуобай көрүллүбүт.
Бу туһунан олунньу 4 күнүгэр Алдаҥҥа Томмот олохтоохторун иннигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын 2018 сыллааҕы үлэтин отчуотугар вице-премьер Кирилл Бычков иһитиннэрдэ.
“СӨ бүддьүөтүгэр быйыл тулаайах оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйарга — 1,3 млрд солкуобай көрүлүннэ. Итинэн 600-тэн тахса тулаайаҕы дьиэнэн-уотунан хааччыйар былаан баар. Алдан оройуонугар быһа холуйан 144 киһи кыбартыыраланыа. Оройуоҥҥа 97 мөл. солк. көрүллүбүтэ”, — диэтэ Кирилл Бычков.
Кини эппитинэн, кыбартыыраны бастакы да, иккис да ырыынактан ылыахтарын сөп.
2018 сылга төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт 500-тэн тахса тулаайах олорор дьиэнэн-уотунан хааччыллыбыт.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1