Саха сиригэр 19 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ойуур баһаардарын туһунан иһитиннэрдэ.

Бүгүҥҥү күн туругунан, 19 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ барар. Дьааҥы улууһугар – 386 га, Ленскэй оройуонугар икки баһаар 125 га сири, Ньурба улууһугар 15 га сиргэ, Уус Алдан улууһугар 11,5 га, Бүлүү улууһугар биир баһаар 10 га, Мэҥэ Хаҥаласка 10 га, Мииринэйгэ 20 га, Өлүөхүмэҕэ 3,5 га, Сунтаарга 5 га, Чурапчыга 0,5 га сиргэ баһаар баара бэлиэтэнэр. Алдаҥҥа, Горнайга, Ньурбаҕа, Уус Алдаҥҥа түөрт баһаар бохсулунна.

Баһаары умуруорууга 366 киһи, ол иһигэр 99 ойуур харыстабылын үлэһиттэрэ,  274 баһаары умулларыыга үлэлиир парашютист уонна десантник, ойуур хаһаайыстыбатын үс үлэһитэ, олохтоох нэһилиэнньэттэн 74 киһи, үс МЧС үлэһитэ, сири арендалаабыт 12 киһи, 30 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар  ыраах сытар суола-ииһэ суох сирдэр кэтэбилгэ, көрүүгэ-истиигэ куруук ылыллаллар, Алдаҥҥа, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа, Эбээн Бытантайга, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Мииринэйгэ, Намҥа, Нерюнгрига, Кэбээйигэ, Сунтаарга, Тааттаҕа, Томпоҕо, Уус Маайаҕа  ИСДМ рослезхоз 101 хонтуруолланаллар. Бэлиэтэнэринэн, баһаар уопсай иэнэ 654 450 га, итинтэн ойуура 557 463 га, хонуута 96 987 га сир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0