Бэс ыйын 24 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана быһа эпииргэ уопсай балаһыанньаны билиһиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавирус дьаҥа туруоҕуттан 3891 киһи сутуллубут. Бүтэһик сууккаҕа 74 киһи ыалдьыбыт. Онтон 59 киһи Дьокуускайга, 5 киһи Уус Алдан, 3 киһи Хаҥалас улуустарыгар сутуллубут.
Ил Дархан Айсен Николаев хааччахтаныыны сымнатар эрдэтин, билигин ыарахан туруктаах 29 киһи балыыһаҕа эмтэнэ сытарын эттэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ аҕам саастаах дьон ыалдьара элбээбитин, сиэннэрэ, оҕолоро дьаҥҥа сутуйалларын бэлиэтээтэ.
Ульяна Захарова, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1