Саха сиригэр 14 ойуур баһаарын умуруораллар

Бөлөххө киир:

Саха сирин территориятыгар 14 ойуур баһаарын умуруорарга миэрэ ылыллар: Алдаҥҥа, Горнайга, Чурапчыга, Тааттаҕа.

Онтон аҕыс баһаара бохсулунна: Горнайга, Алдаҥҥа, Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга, Тааттаҕа. Уот уопсайа 861,00 га сири сиэбитэ биллэр.

Ааспыт сууккаҕа Горнайга икки баһаары умуруорбуттар.

Барыта 379 киһи, 82 тиэхиньикэ үлэлиир.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0