Саха сиригэр тоҕус ойуур баһаара бара турар

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 23 235 гектар иэннээх сиргэ тоҕус ойуур баһаара бара турар. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи ЫБММ сүрүн управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Баһаардар саҕаланыахтарыттан Саха сиригэр 81 баһаар бэлиэтэммит. Ааспыт сууккаҕа биэс баһаар барбыт, онтон иккитин умулларбыттар, дьон олорор сиригэр, экэниэмикэ эбийиэктэригэр кутталлаах баһаар суох.

Баһаары умулларыыга суукка иһигэр 92 киһи уонна 15 тиэхиньикэ үлэлээбит.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0