Саха сиригэр 13 ойуур баһаара баар
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр барыта 96 321 га иэннээх 13 ойуур баһаара баар: Уус Майаҕа — 6, Орто Халымаҕа — 5, Өймөкөөҥҥө, Булуҥҥа — 1-дии.
Былырыын баччаҕа 2 476 910,5 га иэннээх 88 ойуур баһаара баара биллэр.
Суукка иһигэр Орто Халымаҕа 949 га иэннээх 3 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.
Уус Майаҕа 66 336 га иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруораллар. Онтон 11 880 га иэннээх биир баһаар бохсулунна.
Ойуур баһаарын утары 562 киһи, 8 тиэхиньикэ үлэлиир.
0
0