Саха сиригэр 105 ойуур баһаара баар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 2 күнүн сарсыарда 8 чаас туругунан, Саха сиригэр 1 122 га иэннээх тоҕус ойуур баһаара бохсулунна: Мэҥэ Хаҥаласка, Өймөкөөҥҥө, Алдаҥҥа, Нерюнгригэ.

Мэҥэ Хаҥаласка, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа 12 275,8 га иэннээх алта ойуур баһаара бохсулунна.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 226 073,8 га иэннээх 105 ойууур баһаара баар: Бүлүүгэ — 1, Дьааҥыга — 2, Өймөкөөҥҥө — 1, Муомаҕа — 1,Мэҥэ Хаҥаласка — 1, Уус Алдаҥҥа — 2, Сунтаарга — 4, Үөһээ Бүлүүгэ — 2, Орто Халымаҕа — 2, Ньурбаҕа — 3, Томпоҕо — 6, Мииринэйгэ — 3, Эдьигээҥҥэ — 6, Нерюнгригэ — 7, Уус Майаҕа — 21, Алдаҥҥа — 35. Итиэннэ Өймөкөөҥҥө 1579 га иэннээх үс ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэммит.

Баһаары умуруорууга 1330 киһи, онтон 847 баһаарынай сулууспа парашютнай-десантнай үлэһитэ, 227 ойуур баһаарын утары үлэлиир сулууспа үлэһитэ, 74 ГПС уонна МЧС, 182 олохтоох киһи үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0