Саха сиригэр 10 тыһыынча оҕо төрөөтө

Бөлөххө киир:

Мииринэй оройуонугар быйыл 10 000 ахсаанынан төрөөбүт оҕону чиэстээтилэр. Кырачаан Удачнай куоракка Прасковья уонна Альберт Даниловтарга төрдүс оҕонон төрөөтө.

Ийэ күнүгэр түбэһиннэрэн, куорат дьаһалтатыгар ыҥыран, Даниловтары чиэстээтилэр. Куорат баһылыгын э.т. Ольга Балкарова СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин сибидиэтэлистибэтин уонна “Харысхал” бэлиэтин туттарда.

Прасковья, Альберт Даниловтар Өлөөн улууһуттан төрүттээхтэр. Ыал буолан баран, Удачнайга көһөн кэлбиттэрэ. Элбэх оҕолоох ыал аатын ылбыттара. Кырачааннара Айтал алтынньы 1 күнүгэр төрөөбүтэ. Убайдарын, эдьиийин батан, төрүүрүгэр 4 киилэттэн тахса ыйааһыннаах этэ. Билигин кини төрөппүттэрин тапталларыгар угуттанан, күннэтэ улаатар, эбиллэр, сайдар.

Мин төрдүс оҕом өрөспүүбүлүкэҕэ 10 000 ахсаанынан төрөөбүтүн истэн баран, бастаан итэҕэйбэтэҕим, наһаа соһуйбутум, үөрбүтүм. Бу биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олус суолталаах, бэлиэ күн буолар, — диэн Прасковья Борисовна үөрүүтүн үллэстэр.

Даниловтарга “Саха сирин олохтооҕун каартата” оҥоһуллуоҕа, онно элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ ананар туох баар социальнай өйөбүл миэрэлэрэ барыта бааллар.

Саха сиригэр төрөөһүн өлүүттэн элбэх, Уһук Илин эрэгийиэнигэр төрөөһүн көрдөрүүтүнэн бастаан иһэр. 2019 сыллаахха 12 817 оҕо, 2020 сылга 13 097 оҕо күн сирин көрбүтэ. Бу төрөөбүт оҕолор 40 бырыһыаннара элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ күн сирин көрөллөр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0