Саха сиригэр 10 ойуур баһаара баар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барыта 69 243 га иэннээх 10 ойуур баһаара баар: 4 — Уус Майаҕа, 3 — Орто Халымаҕа, 1 — Өймөкөөҥҥө, Томпоҕо, Аллараа Халымаҕа.

Итиэннэ Өймөкөөҥҥө 66 га иэннээх икки ландшафтнай баһаар бара турар.

Былырыын баччаларга Саха сирин үрдүнэн 4 300 883,5 га иэннээх 162 ойуур баһаара баара бэлиэтэммитэ.

Ойуур баһаардарын умуруорууга 517 киһи, 8 тиэхиньикэ үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0