Саха сирэ уонна “ЯТЭК” ПАУо сөбүлэһии түһэристилэр

Ааптар: 
18.02.2021
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна “ЯТЭК” ПАУо бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуону олунньу 17 күнүгэр илии баттаан, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев уонна “Дьокуускайдааҕы оттук-энергетическай хампаанньа” ПАУо генеральнай дириэктэрэ Андрей Коробов бигэргэттилэр.

Сөбүлэһии чэрчитинэн тустаах өрүттэр эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт тэрээһиннэри олоххо киллэриэхтэрэ, тулалыыр эйгэни харыстыахтара.

Айсен Николаев бу докумуон өрөспүүбүлүкэ сайдыытын түргэтэтиэ диэн бэлиэтээтэ. ”ЯТЭК” хампаанньа үлэтин-хамнаһын былаас уорганнарын, үөрэх тэрилтэлэрин кытта ыытыан, хаһаайыстыбаннай үлэтин ыытар сиригэр баар сири-уоту сайыннарыан баҕалааҕа суолталаах. Бүгүн хампаанньа киэҥ хабааннаах инвестиция бырайыагын олоххо киллэрини саҕалыыр, бу эрэгийиэн инфраструктуратын сайыннарыыга, үлэлээх буолууга уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо туруктаах буолууларыгар төһүү буолуоҕа”, — диэн эрэгийиэн баһылыга бэлиэтээтэ.

Оттон “ЯТЭК” хампааньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Коробов хампаанньа социальнай эппиэтинэһэ үрдүгүн, кини олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга ыытар көҕүлээһиннэрэ хампаанньа үлэһиттэригэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар эмиэ туһуланарын эттэ.

“Баттаммыт сөбүлэһии бу үлэни быдан  тиһиктээх оҥоруоҕа. Сөбүлэһиигэ олоҕуран ылар эбэһээтэлистибэлэрбит Саха сирин урутаан сайыннарыыга көмөлөһүөхтэрэ”, — диэтэ Андрей Коробов.

Бу сөбүлэһии 2019 сыл ахсынньы ыйыгар бигэргэммит эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт хардыынан буолар, онно Саха сирин Бырабыыталыстыбатын кытта Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былаана торумнаммыта. “ЯТЭК” хампаанньа бөһүөлэк тыын боппуруостарын быһаарыыга күүскэ үлэлээтэ: тулалыыр эйгэҕэ куттал суох буолуутун, хампаанньа уонна бөһүөлэк кытаанах тобоҕу тоҕор полигонун бырайыактаан үлэлэтиини, ону тэҥэ бөһүөлэк иһинээҕи суоллары оҥорууну хааччыйда.

«ЯТЭК»  ПАУо олоххо киллэрэр “Якутский СПГ” инвестицияҕа бырайыага Уһук Илиҥҥэ гааһы хостооһуҥҥа кэскиллээх киини тэрийиэҕэ, бу Арассыыйаҕа гаас салаатын дьоһун тирэҕинэн буолуоҕа. Бу бырайыагы олоххо киллэрии Саха сиригэр улахан инвестицияны тардыыга, уһун болдьохтоох сайдыытыгар көмөлөһүөҕэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Андрей Сорокин түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0