Саха сирэ туристары угуйар

Ааптар: 
02.06.2022
Бөлөххө киир:

Биллэр төрүөтүнэн, урукку курдук ыраах соҕуруу, омук сиригэр бара сатааччы лаппа аҕыйаата. Ол да иһин буолуо, бу күннэргэ Саха сирин турбаазалара турис­тары көрсөөрү ох курдук оҥостон, бэлэм олороллор. Туризм салаата икки сыл сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр барыта-бобуу хаайыы буолбутун кэнниттэн бүгүҥҥү күҥҥэ хайдах-туох балаһыанньалааҕын туһунан бүгүн СӨ урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирин солбуйааччы Максим Прокопьевы кытта кэпсэтэбит.

Туризм араас көрүҥэ

– Максим Михайлович, кэпсэтиибитин Саха сиригэр туризм сайдыытын кэрэһи­лиир чахчылартан саҕалыахха: бүгүҥҥү күҥҥэ төһө турбааза, туроператор баарый?

– Туроператордар Биир кэлим федерального реестрдэрин чахчытыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар 26 тур­оператор  үлэлиир. 2020 сыллаах­ха 19-тар этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ туроператордар 287 туристичес­кай тэрээһини оҥороллор: онтон холобурдаатахха, 37 тур – экскурсия, 20 – өрөбүл күн сынньалаҥа, 11 – круиз, 52 – уунан устуу (сплав), 29 – сатыы хаамыы уонна экстремальнай тур, 9 – булт, 28 – балыктааһын, 21 – массыынанан айан уонна эспэдииссийэ, 19 – событийнай, 5 – үөрэтэр уонна 56 барыта холбоммут туурдар.

– Истиэххэ үчүгэйин, элбэх да туризм  көрүҥэ баар эбит. Уопсайынан, тастан кэлии аччаата дуо?

– Официальнай статис­тика сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр  өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн  кэлбит дьон ахсаанын эрэ бэлиэтиир. Онно көстөрүнэн, тас дойдуттан кэлии ахсаана лаппа аҕыйаабыт. Пандемия иннинэ сыл аайы турист ахсаана 200 тыһыынчаттан тахса буолара.  Онтон 194 тыһыынча киһи – Арассыыйа гражданнара,  7 тыһыынча омук сириттэн кэлэр туристар.  2021 сылга 129 022 киһи кэлэн барбыт. Бу сыстыганнаах дьаҥы кытта ыкса сибээс­тээх. 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ (114 510 киһи), былырыын 12 %-нан элбэх турист кэлэн барбыт. Ол иһигэр РФ гражданнара – 126 652 киһи, омук туриһа – 2370 киһи.

“Нелегал” элбээтэ

– Туризм сайдыытыгар туох сүрүн уустуктар баалларый?

– Бастатан туран, айан суола мөлтөҕө, салгын аалынан көтүү сыаната ыарахана. Саамай туристары интэриэһиргэтэр арктичес­кай уонна хоту улуустарга улуус кииннэригэр диэри сөмөлүөтүнэн эрэ тиийиэххин сөп.  Оттон сорох киин улуустарга айан суола олох мөлтөх, ардыгар вездеходу туһанарга күһэллэр түбэлтэ эмиэ баар. Маны таһынан, туристичес­кай инфраструктура сайда илик. Сайыҥҥы куйааска суунар-тараа­нар усулуобуйа суох. Онон аан дойдутааҕы ирдэбилгэ сөп түбэс­пэт буолан, омук сириттэн сынньана кэлэр турист ахсаан­наах. Бу, биллэн турар, эрэгийиэн туристическай имиджигэр улахан охсуулаах. Туристическай базалар сайыҥҥы кэмҥэ эрэ тахсыылаахтык үлэлииллэр.

Аны “сокуоннайа суох урбаан” (нелегальное предпринимательство) диэн баар буолла. Бу көрүҥ ордук киин уонна хотугулуу-­илин улуустарга – суол-иис сайдыбыт сиригэр ордук үгүстүк бэлиэтэнэр. Элбэх “нелегал” Өлүөнэ очуостара Айылҕа пааркатыгар баар. Ол иһин бу хайысхаҕа үлэлиир анал докумуоннаах, көҥүллээх туроператордары үлэтэ суох да хаалларар кутталлаахтар. Сиинэ, Буотама үрэхтэринэн, Амма уонна Өлүөнэ  өрүстэринэн устууга эмиэ үгүс “нелегал” үлэлиир. Ол, биллэн турар, эппиэтинэһи мөлтөтөр. Кэлиҥҥи кэмҥэ Хаандыгаҕа уонна Өймөкөөҥҥө айан үксээ­тэ. Адаар таас хайалаах улуустар суоллаах-иистээх буолан, бу эҥээр бэйэлэрин массыыналарынан кытта айанныыллар.

– Ол “нелегаллар” турис­тары ханнык ньыманан булалларый?

– Кинилэр социальнай ситимнэринэн биллэриилэри хото ыыталлар. Сыаналарын, биллэн турар, чэпчэтэллэр. Тэрилтэлэрин аадырыһын, аатын суруйбаттар, юридическай реквизиттэрин ыйбаттар. Онон маннык биллэриилэртэн сэрэхтээх буолуохха наада. Туох эмэ буолар түбэл­тэтигэр кинилэр туох да эппиэтинэһи сүкпэттэр. Уонна, бастатан туран, Туроператордар федеральнай реестрдэригэр регистрацияламмыт нүөмэрдэрин хайаан да ыйытар наада. Өскөтүн ону эппэт буоллаҕына – сокуоннайа суох туризмынан дьарыктанар киһи.

Урбаанньыттарга өйөбүл оҥоһуллар

– Туризм салаатыгар үлэлиир урбаанньыттарга туох өйөбүл оҥоһулларый?

– Бу эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо өйөбүл саҥа миэрэлэрэ көрүллэр буоллулар. Өр күүппүт судаа­рыстыбаннай бырагыраамабыт РФ таһымыгар олунньу 14 күнүгэр быйыл ылыллыбыта. Федеральнай хайысхаҕа турис­тическай тиһиги сайыннарыыга, суолга, уот ситимигэр Ростуризм өттүттэн тустаах болҕомто уурулунна. Онно ыалдьыттары түһэрэр дьиэлэргэ, сайыҥҥы верандаларга, туристическай маршруттары сайыннарыыга туһуламмыт өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Бэл, туттар тэрилгэ тиийэ. Ол эбэтэр, хаалыктаах хаамыы торуос­катыттан саҕалаан, квадроциклга, кыра көтөр бөртөлүөттэргэ тиийэ атыылаһыллыбыт харчыны толуйуу (возмещение) оҥоһул­луон сөп. Бу федеральнай көмөҕө өрөспүүбүлүкэ сайаапката Ростуризмҥа киирэн көрүүгэ сылдьар. Онон, кыра да буоллар, эрэл баар. Туризмынан дьарыктанар урбаанньыттарга өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө эмиэ баар. Ол курдук, олохтоох туризмы сайыннарыыга туһуламмыт быра­йыактарга от ыйыттан саҕалаан, тус сыаллаах субсидияҕа сайаап­калары хомуйуохпут.  Быйыл бу хайысхаҕа 5 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Субсидиянан өйөбүл сылы төгүрүччү үлэлиир санузеллаах туристическай эби­йиэктэри элбэтиигэ туһуланар. Холобур, 2021 сыллаахха маннык өйөбүлүнэн 16 урбаанньыт туһаммыта. Кинилэргэ уопсайа 14,3 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. 2021 сыл түмүгүнэн бу өйөбүлүнэн туһанан 7 сылы төгүрүччү үлэлиир ыалдьыты түһэрэр дьиэ тутулунна, 9 дьиэ 2022 сылга тутуллуоҕа.

Сыл аайы “Тымныы полюска айан”, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” «Sakha Travel», «Тымныы полюһа Өймөкөөн», “Туймаада ыһыаҕа” диэн событийнай туурдар  уонна ”Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээл үгүс омук сирдэриттэн уонна Арассыыйа эрэгийиэн­нэриттэн туристары хото мунньаллар. Ол иһин гостиницалары кылаастааһыҥҥа болҕомтобутун уурдубут. Докумуонунан классификациялааһын түмүгэр 57 гостиница кэлим федеральный реестргэ киирдэ. Онон туристар чуо бу испииһэккэ киирбит гостиницаларга эрдэттэн сакаастаһан кэлэн түһэр буоллулар.

“Орто Дойдуга” – туризм сүлүөтэ

– Туризмы сайыннарыыга туһааннаан, урбаанньыттарга туох тэрээһиннэри ыытаҕыт?

– Араас тэрээһиннэри, үөрэхтэри тиһигин быспакка ыытабыт. Интэриэһиргиир дьон минис­тиэристибэҕэ кэлэн билсиэххитин сөп. Ыраата барбакка, ааспыт нэдиэлэ субуотатыгар Хаҥалас улууһугар «Орто Дойду» эко-паар­каҕа туристическай сүлүөтү тэрийэн ыыттыбыт. Онно 70-тан тахса киһи сэттэ хамаанданан араас куонкуруска куоталаста. Туох эрэ быһылааҥҥа түбэспит, эчэйбит туристка суһал көмөнү оҥорууга маастар-кылаас ыыттыбыт. Бу маннык тэрээһиннэргэ дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билсэр, уопут атастаһар.

… Ити курдук, урбаан миниис­тирин солбуйааччы Максим Прокопьевы кытта сэһэргэһэн, туризм салаатын сайыннарыыга бэрт үгүс үлэ сонун хайысхатын билистибит. 

Елена Потоцкая, «Саха сирэ»  хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0