Саха сирэ айти-технологияҕа, технопааркалары тэрийиигэ аан дойду таһымыгар тахсыбыт хампаанньаларынан Уһук Илин эрэгийиэннэргэ лиидэр быһыытынан биллэр.
Саха хампаанньата биир миллиарды эргитэр
2021 сыллаахха Афанасий Захаров хамаандатын кытта Retaily диэн мобильнай сыһыарыыны оҥорон саҕалаабыт. Билигин ханнык баҕарар бородуукта маҕаһыына Retaily көмөтүнэн эрэгийиэн бөдөҥ оҥорон таһаарааччыларыгар, кууһунан атыылааччыларыгар уонна тиксиһиннэрээччитэ суох сакаастыыр кыахтанна.
“Өр сылларга судаарыстыбаннай статистика органнарыгар үлэлээбитим: сүрүннээн социальнай-демографическай чинчийиигэ, ол иһигэр нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр эмиэ. Авиахампаанньаҕа үлэлээбитим, араас хампаанньаларга стратегияны уонна аналитиканы оҥорон таһаарарым. Саха сирин сайдыытын корпорацията – кэнники үлэм миэстэтэ буолбута. Онно аналитик уонна маркетинг дириэктэрин быһыытынан үлэлээбитим», — диэн кэпсиир Афанасий.
-Идиэйэ хантан кэлбитэй? Килиэйиэннэргит кимнээҕий?
-Идиэйэ «Глобальный бизнес — 2020» үөрэтэр үлэтин бырагыраама кэмигэр кэлбитэ. Тэрийээччинэн Саха сирин сайдыытын корпорацията этэ. Мин хамаандам Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээти сайыннарыы стратегиятын оҥоруунан дьарыктаммыта. Бу мантан биһиги бырайыакпыт устуоруйата саҕаламмыта.
Биһиги килийиэннэрбит – ас — үөл бөдөҥ оҥорон таһаарааччылара. Сүрүн сорукпут — бородуукта маҕаһыыннарын контрагеннарыттан сакааһы ылыы хаамыытын автоматизациялааһын. Элбэх сайаапка киирэр. Кинилэр бары көннөрү төлөпүөнүнэн, эбэтэр социальнай ситимнэр нөҥүө киирэр. Диспиэччэрдэр уонна колл-кииннэр ноҕуруускалара үрдээн, ыарахаттар үөскүүллэр. Диспиэччэр контрагентан сайаапканы ыларын таһынан саҥа позициялары билиһиннэриэхтээх. Ол тэтимнээх үлэ усулуобуйатыгар сороҕор кыаллыбат.
—Ханнык тэрилтэлэри кытта тус үлэлиигит?
-Холобур, килиэп собуоттарыгар табаар арааһа 700 – кэ тиийэр – килиэптэн саҕалаан араас мармеладтарга уонна атын кондитерскай оҥоһуктарга тиийэ. Биһиги сервиспит көмөтүнэн сайаапкалары ылыы хаамыыта автоматизацияланарын таһынан, килийиэн быһаччы табаары көрөр, ааҕар уонна кунуопканы биирдэ баттаан сакаастыыр кыахтаах. Бастакы ыйга биһиги тэрилтэлэргэ табаар ахсаанын 30% үрдэтэргэ көҥүллүүбүт. Ханнык баҕарар бородуукта маҕаһыына сыһыарыыга быһаччы дуогабар түһэрсиэн сөп.
Биһиги тус сыаллаах аудиториябытынан олохтоох килиэп комбината, үүт собуоттара, эт аһылыгын оҥорон таһаарааччылар буолаллар. Маннык килийиэннэри бэйэбит көрдүүбүт уонна талабыт. Билигин Уһук Илин хампаанньаларыгар болҕомто ууран эрэбит. Биһиги Приморскай кыраайы уонна Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин кытта номнуо үлэлэһэ сылдьабыт.
Бастакы сыл иһигэр эрэгийиэҥҥэ 30-тан тахса туттарааччыны кытта үлэлэстибит.
— Судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин туһаммыккыт дуо?
— Сахабыт сирэ уонна, уопсайынан, биһиги судаарыстыбабыт биисинэһи өйүүр араас дьаһаллары таһаарарын иһин махтаныахпын баҕарабын. Биһиги айтипаарка резиденнэрэ буолабыт. Ол иһин, манна баар бары өҥөнөн туһанабыт: булгуччулаах төлөбүрдэргэ чэпчэтии, быыстапкаларга кыттыы о.д.а. Биисинэһи тэринэргэ, биллэн турар, маннык көмө олус наада.
— Сервис сайдарыгар инники былааннаргыт? Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр сыһыарыыны олохтуоххут дуу?
— Билигин бырайыак киэҥ далааһыннаах буоларын туһугар сорук туруорабыт. Быйыл хайыы үйэ атын эрэгийиэннэргэ тахсыы саҕаланна. Бастатан туран, Уһук Илиҥҥэ сигэнэбит, ону тэҥэ Арассыыйа соҕуруу өттүгэр партнердарбыт эмиэ бааллар. Салгыы инвестициялары көрдүүбүт уонна улахан сыалбыт — сылга 100 миллиард солкуобайы эргитэр курдук үлэлиэхпит. Бородуукта эмиэ миэстэтигэр турбат. Бу ыйга Дьокуускайга В2С опт форматы ыыттыбыт.
ХИФУ икки эдэр учуонайа биисинэс идиэйэлэрин сайыннарыыга 1 мөл. солк. ылыахтара
«Платформа университетского технологического предпринимательства» федеральнай бырайыак «Студенческий стартап» куонкуруһун III уочараттаах кыайыылаахтара быһаарылыннылар. Биисинэс идиэйэлэрин сайыннарыыга 1 мөл. солк. грант үбү дойду үрдүк үөрэхтэригэр 1235 устудьуон ылла. Кыайыылаахтар ортолоругар – М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет аспираннара Андрей Егоров уонна Николай Местников бааллар.
ХИФУ институтун мэдиссиискэй биотехнологияларга лабораториятын инженер чинчийээччитэ Андрей Егоров «Биотехнология» хайысхаҕа бастаата. Эдэр учуонай бырайыага сибирскэй вздутоплодник уонна чага курдук үүнээйилэргэ олоҕуран, киһиэхэ үөскүүр искэн килиэккэлэрин утары охсуһар биологическай актыыбынай эбиликтэри оҥорууга аналлаах.
«Чинчийиинэн иккис сылбытын дьарыктанабыт — билигин бырайыак in vitro түһүмэххэ сылдьар. Күн бүгүн клеточнай линияларга быар уонна матка (шейки матки) искэннэрин үөскээһинэ бытаарарын туһугар үлэбитигэр кэккэ түмүктэр номнуо бааллар. Бырайыак олоххо киириитин аныгыскы түһүмэҕэ — кыылларга чинчийии», — диэн эттэ естественнэй наука институтун аспирана Андрей Егоров.
Эдэр учуонай Николай Местников сөргүтүллэр эниэргийэҕэ олоҕуран Арктикаҕа туһаныллар мобильнай эниэргийэҕэ установкалары оҥорууга грант ылбыта. Саха сириттэн барыта түөрт чинчийээччи ылбыт. Иккитэ – Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет устудьуоннара.
Кыайыылаах бырайыактар үксүлэрэ сыыппара технологияларын кытта сибээстээхтэр -481. Хас бэһис кыттааччы үлэтэ креативнай индустриялары кытта сибээстээх кэриэтэ. 175 ааптар бэйэтэ идиэйэтин саҥа прибордар уонна интеллектуальнай производственнай технологиялар эйгэлэригэр сайыннарыаҕа. Биир тэҥ кээмэйдээх ахсааннаах бырайыактар мэдиссиинискэй технологияларга уонна биотехнологияларга анаммыттар.
Хаартыскалар: «Мой бизнес» киин, ХИФУ пресс — сулууспата