Саха сирэ «Саамай ааҕар эрэгийиэн-2020» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус сүрүн бириэмийэтинэн наҕараадаланна.
—Саха сирэ — дойду саамай ааҕар эрэгийиэнинэн буолла, — диэн Арассыыйатааҕы кинигэ сойууһун бэрэсидьиэнэ, «Саамай ааҕар эрэгийиэн» Бүтүн Арассыыйатааҕы күөн күрэс дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Степашин биллэрдэ уонна Ил Дархан Айсен Николаевка «Литературный флагман России» статуэтканы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыайыылааҕын дипломун туттарда.
Айсен Николаев бу улахан ситиһии устуоруйаҕа киирэр ураты дьоһун суолталааҕын, Арассыыйаҕа кинигэ сойууһа тэрийэн ыытар куонкуруһун дьүүллүүр сүбэтин быһаарыытынан, Саха сирэ саамай ааҕар эрэгийиэнинэн билиниллибитин бэлиэтээтэ. Ил Дархан Саха сирин бары олохтоохторугар, өрөспүүбүлүкэ Национальнай бибилэтиэкэтигэр, СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтигэр, «Бичик» кинигэ Национальнай кыһатыгар уонна да атыттарга махтанна.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата