Саха сирэ “Кыра Тыгыннанна”

03.10.2019
Бөлөххө киир:

Илиибэр «буруолуу» сылдьар “Кыра Тыгын” диэн кинигэни тутан олоробун. Бу Антуан Де Сент-Экзюпери «Маленький принц» остуоруйатын Нора Гал нууччалыы тылбаастаабытын  Елена Слепцова-Куорсуннаах  сахалыы саҥардыбыт.

edersaas.ru

Антуан де Сент-Экзюпери курдук бөлүһүөк суруйааччы остуоруйата аан дойдуга киэҥник биллэр. Бу остуоруйа дириҥ ис хоһооннооҕунан, муударайынан уонна сайаҕас санаалааҕынан уратылаах. Суруйааччы судургутук, ол гынан баран, уйулҕаны хамсатар курдук олох сүрүн кырдьыктарын арыйбытын төһөлөөх ааҕааччы бэлиэтээбитэ уонна биһирээбитэ буолуой?
Оттон Саха сирин суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах тоҕо чопчу бу айымньыны тылбаастыырга ылсыбытын туһунан маннык кэпсиир:
“2015 сыллаахха биир киэһэ миэхэ күндү ыалдьыт буолан Лена уонна Гернод Гримм диэн доҕотторум маһынан оҥоһуллубут долбуурга ууруллар хойчоон оонньуур кэһиилээх киирэн кэлбиттэрэ. Онуоха мин өйбөр Экзюпери дьоруойа кумах куйаарга сөмөлүөтэ саахалланан олорон, Кыра Тыгыны аан маҥнай сиргэ көрсөөт, хой оҕотун уруһуйдаан бэлэхтээбитин саныы түспүтүм. “Мин дьиэм кыараҕас, онон дьиҥнээх хой батыа суоҕа этэ, мас хойу бэлэхтээбиккит ордук”, —диэбитим. Дьонум күлсүбүттэрэ”.
Куорсуннаах доҕотторо киниэхэ улахан көрдөһүүлээх кэлбит этилэр. Кинилэр “Харысхал” аһымал санаа пуондатын (салайааччы Вера Душкевич) кытары “Маленький принц” диэн оҕо инклюзивнай тыйаатыр-устуудьуйатын аспыттар. Онно Антуан де Сент-Экзюпери “Маленький принц” остуоруйатын сахалыы тылынан испэктээк туруоруохтарын баҕаралларын туһунан эппиттэр уонна кинини тылбаастыырыгар көрдөспүттэр.
Ити курдук, Куорсуннаах доҕотторун көрдөһүүлэрин уонна оҕолорго аналлаах үйэлээх испэктээк баар буолуоҕун санаан, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Ити сыл сааһыгар номнуо Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар оҕолор барахсаттар оонньоон көрдөрбүттэрэ. Дьэ, мантан ыла оҕо инклюзивнай тыйаатыра аан дойдуга бастакы хардыыларын оҥорон барбыта. 2015 сыллаахха “Маленький принц” “Арассыыйа эрэгийиэннэрин бастыҥ социальнай бырайыага” ааты ылбыта, 2017 сыллаахха Германия Берлин куоратыгар “WIR-МИР” эдэр ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыта, 2018 сыллаахха Москваҕа “Кыһыл көмүс мааска” бэстибээлгэ ситиһиилэммитэ.

Куорсуннаах бу тылбааһа кинини аан дойду үтүө дьонун,  Сент-Экзюпери айымньыларыгар сүгүрүйээччилэри кытары билиһиннэрбитигэр дьылҕатыгар махтанар. Кинилэртэн биирдэстэрэ — бу кинигэ күн сиригэр тахсарыгар көмөлөспүт, Антуан де Сент-Экзюпери айымньыларын аан дойдуга тарҕатар биллиилээх кэллэксийэниэр Жан-Марк Пробст. “Кыра Тыгын” кинигэ “Маленький принц” Жан-Марк Пробст пуондатын (Лозанна, Швейцария) уонна Швейцарияҕа, Лозаннаҕа Арассыыйа Федерациятын бочуоттаах консула, доктор Фредерик Паулсен өйөбүллэринэн бэчээттэннэ.
Кинигэ аата олус табыллыбыт. “Кыра Тыгын” – “Маленький принц”. “Тыгын”, “тэгин” диэн саха былыргы тылынан “принц” диэн буолар. Оҕолорго анаммытынан, тыла-өһө судургу, өйдөнүмтүө. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, Антуан де Сент-Экзюпери уруһуйдара киллэриллибиттэр. Кинигэҕэ быһаарыы тылдьыт (сахалыыттан нууччалыыга) улахан көмө буолууһу. Холобур, “Тыгын – древнетюркский титул царско-ханских фамилий, наследных принцев” диэн суруллубут, о.д.а.

Саҥа кинигэ Медиа-холдинг-Якутия” типографияҕа 2000 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста. Антуан де Сент-Экзюпери “Маленький принц” тылбааһын — СӨ Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата Елена Слепцова-Куорсуннаах “Кыра Тыгын” кинигэтин ылан ааҕыҥ, оҕо сааскытыгар төннүҥ, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр күндү бэлэхтэ оҥоруҥ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0