Ил Дархан Айсен Николаев уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Денис Пушилин Санкт-Петербурдааҕы аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа көрсөн, бииргэ үлэлииргэ аналлаах боппуруостары быһаарыстылар.
«Саха сирэ култуурунай уонна экэнэмиичэскэй хайысханан Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүкэни кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэм. Биһиги Донецкай Өрөспүүбүлүкэ чөлүгэр түргэнник түһэригэр көмөлөһүөх тустаахпыт», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Айсен Сергеевиһы кытта чуолаан Кировскай куораты чөлүгэр түһэрии туһунан кэпсэттибит. Сүрүннээн инфраструктура эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ уонна кыстыкка бэлэмнэниигэ болҕомто ууруллуон наада. Биһиги Саха сирин олохтоохторугар амарах сыһыаҥҥыт иһин ис сүрэхпититтэн махтанабыт!», – диэн Денис Пушилин санаатын үллэһиннэ.
Санатар буоллахха, Арассыыйа күнүгэр Саха сирэ Донецкай уобалас Кировскай куоратын кытта бииргэ үлэлиир туһунан биллэрбитэ. Кировскайга Саха сириттэн исписэлиистэр бөлөхтөрө тиийэн көмөлөһө сылдьар. Саха сирэ сүрүннээн ОДьКХ уонна социальнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһүөҕэ.
Санатар буоллахха, Донбасстан Саха сиригэр 339 киһи көһөн кэлэн олорор. Саха сирэ Донецкай уонна Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ барыта 15,5 туонна гуманитарнай көмөнү ыыппыта.