Саха сирэ хортуоппуйга уонна оҕуруот аһыгар былаанын толордо

26.10.2017
Бөлөххө киир:

Төһө даҕаны сааһа тымныытын, сайына кураанын, күһүнэ самыырдааҕын иһин, хортуоппуй үүнүүтүгэр уонна хомууругар үтүө өттүктээх буолла. Ону Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин сир үлэтигэр, мелиорацияҕа уонна материальнай-техническэй хааччыйыыга департаменыгар түмүллүбүт түмүк сыыппаралар бигэргэтэллэр.

«Хортуоппуйга 79005 туонна былаан-сорудах тириэрдиллибитин сүүс бырыһыан толордубут, – диир департамент салайааччыта Василий Чичигинаров. – Ону тэҥэ 38093 туонна оҕуруот аһын үүнүүтэ ылыллан, былааны 2 бырыһыанынан аһардыбыт».

Василий Васильевич этэринэн, хортуоппуйга өлүөхүмэлэр күүскэ үлэлээннэр, 11738 туонна оннугар 11793 туонна үүнүүнү хомуйдулар. Ити иһигэр «Саҥыйахтаах» ТХПК лаппа үчүгэй көрдөрүүнү ситиспитин департамент салайааччыта бэлиэтиир. Кэпэрэтиипкэ хортуоппуй хомууругар Дьокуускайтан уонна Өлүөхүмэттэн устудьуоннар тиийэннэр көмөлөстүлэр. «Саҥыйахтаахтар» быйыл айылҕа тугу биэрбитин хомуйбут буоллахтарына, эһиил нүөлсүтэр-ардахтатар ситими таҥан туруоруохтара.

Бу хаһаайыстыба саҥа тиэхиньикэнэн сэбилэнэригэр быйыл үөһэттэн улахан өйөбүл оҥоһуллубут. Ол курдук, министиэристибэ тиэхиньикэни сөргүтүүгэ бырагырааматынан МТЗ-12 21 мааркалаах икки тыраахтар, хортуоппуй олордор тэрили кытта икки барана, үс булуук ылыммыттар. Сэбилээһин 95 бырыһыанын өссө саас муус устарга толуйбуттар. Өлүөхүмэ улууһуттан бааһынай хаһаайыстыбалаах Валерий Яныгин уонна Павел Тыкынаев хортуоппуй хомуйар комбайн атыылаһалларыгар эмиэ толуйуу үбэ тиксэриллибит.

Иккиһинэн, сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыга ылыныллыбыт бырагыраама сүнньүнэн өрөспүүбүлүкэ 2017 сыллааҕы бүддьүөтүттэн Өлүөхүмэ улууһугар 9 мөл. 878 тыһ. солк. кээмэйдээх өйөбүл оҥоһулунна. Ити үпкэ улуус дьаһалтата 8 мөл. 210 тыһ. солкуобайы кыттыгас уган, 77 км (билиҥҥи туругунан, туолуута – 60 км) усталаах күрүө тутулунна, 464 гектар иэннээх бааһына сирэ чөлүгэр түһэрилиннэ, 3 сиилэс омуһаҕа оҥоһулунна уонна «Өлүөхүмэ кыладабыайа», «Саҥыйахтаах» хаһаайыстыбаларга сир үлэтигэр туһаныллар 9 суол тиэхиньикэ атыылаһылынна.

Түмүккэ Василий Чичигинаров үгэскэ кубулуйбут «Бааһына күнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһалы эһиил Өлүөхүмэ куоракка ыытарга быһаарбыттарын иһитиннэрдэ. Манна сыһыаран санаттахха, ааспыт нэдиэлэ субуотатыгар улуус киинигэр «Өлүөхүмэ Агропродукт» соҕотуопкалыыр-батарар кэпэрэтиип 500 туонна хортуоппуйу, оҕуруот аһын хаһаанар-харайар истээх эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Хаартыскаҕа: «Өлүөхүмэ Агропродукт» кэпэрэтиип 500 т хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын хаһаанар-харайар эбийиэгэ.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0