«Саха сирэ» хаһыаты олунньуттан суруттарыахха сөп

Ааптар: 
12.01.2020
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэр түмүктэнэн, үлэ-хамнас эмиэ күөстүү оргуйан барда. Биһиги, суруналыыстар, үлэбит эмиэ саҕаланна.

edersaas.ru

«Саха сирэ» хаһыат бастакы чэппиэрдээҕи нүөмэрин үгүс саҥа суруттарбыт ааҕааччы эрэнэ кэтэһэрэ чахчы. Дьэ, онон 48 сирэйдээх халыҥ хаһыат туох интэриэһинэй матырыйааллардааҕын хаһыаттара билигин да тиийэ илик аҕҕааччылар кэтэһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Биллэн турар, Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга остуол мааны аһынан тоҥ балык буолла. “Сайсары” бааһынай ырыынагар балык сыаната бырааһынньыгы көрсө үрдээбитин бары билэ сылдьабыт.

Ол курдук, киилэ балык ортотунан 500 солк. буоллаҕына, биир балык 1500 солк. тиийбитэ ыраатта. Бу туһунан Женни Стрюкова балыгы батарыыга үлэлэһэр урбаанньыт, Орто Халыматтан сылдьар, Чурапчыттан төрүттээх Байбал Баягантаевы көрсөн кэпсэттэ. Балыксыт хоту дойду балыга тоҕо маннык көмүскэ тэҥнээх буолбутун туһунан туох кистэлэҥи арыйбытын быйылгы саҥа хаһыакка ааҕыҥ.

2020 сыл Саха сиригэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан биллэрилиннэ. Патриот диэн кимий?  Бу ыйытыкка «Эдэр саас» сыһыарыыга туох кэпсэтии таҕыста? “Инстаграм” социальнай ситимҥэ ыччаттар: «Национальнай таҥас саха киһитигэр патриотизмы үөскэтэр дуо?» — диэн ыйытыыга туох харданы биэрдилэр? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

«Химия биридимиэтин туттарар оҕо аҕыйах. 10-11-с кылаастарга үөрэххэ туттарсар биридимиэттэригэр, сүрүннээн нуучча тылыгар, математикаҕа күүскэ бэлэмнэнэллэр. Онтон атын биридимиэттэри дьаныһан үөрэппэттэр. Холобура, бастакы кууруска 60-тан тахса хайысхаҕа химияны үөрэтэллэр. Үөрэххэ киирэн баран, химияҕа билиилэрэ татым буолан, уустуктары көрсөллөр. Ол иһин бастакы куурус устудьуоннарын ситиһиннэрээри, үрдүк үөрэх таһымыгар таһаараары, биир-икки ый устата бэйэбит араас куурустары ыытабыт. Оннук гымматахпытына, бу устудьуон салгыы үөрэнэр кыаҕа суох, билиитэ намыһах. Ити курдук кыһалҕа чахчы баар», — диэн биология наукатын дуоктара, ректор Анатолий Николаев суруналыыс Людмила Попованы кытта кэпсэтиитигэр санаатын эттэ.

«Саха сирэ» хаһыат норуоту былаас эппиэттээх уорганнарын кытта ыкса ситимниир далаһанан буолар. Бүгүн тыа сирин олохтооҕо, хаһыаппыт ааҕааччыта, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Иван Колесов саха сүөһүтүн иитиигэ тустаах министиэристибэлэр салайааччыларыгар туһаайан тус санаатын тиэртэ.

1985 сыллаахха дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа Саха тыйаатырын артыыстара аан бастаан гостуруолга тиийбиттэригэр Чингиз Айтматов “Хаарыан хампа күөх кытылым” испэктээги көрөн баран, режиссер Андрей Борисовка: “Эн, эдэр киһи, тыйаатыргын олус үөһээ таһаардыҥ. Бу эйиэхэ улахан ситиһии уонна алдьархай (трагедия)”, — диэн эппит.  Айымньы ааптара тоҕо маннык эппитин, күндү ааҕааччыларбыт, эһиги Надежда Егорова тыйаатыр туһунан ыстатыйатын аахтаххытына билиэххит.

Маны тэҥэ бу суруналыыс «Саха ыала» сыһыарыыга ким оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн саҕалаан, номнуо отуттан тахса сыл сайыннары-кыһыннары ойбоҥҥо умсарын, бу киһи дьарыктанар кулуубун туһунан тоҕо Франция, Япония телевидениелэрэ, “Мир” ханаал суруналыыстара интэриэһиргээбиттэрин сырдатта.

Бу күннэргэ батсаапка түүн утуйаргар тус-туспа кумааҕыга 12 баҕа санааҕын суруйаат, бүк тутан баран сыттыгыҥ анныгар хаһан уктарыҥ туһунан мөккүһүү бөҕө буола турар.  Дьэ, онон көрбөккө эрэ үс кумааҕыны тохсунньу 7 күнүгэр дуу, 13 түүн дуу, 14 чыыһылаҕа дуу талыахха сөбүн туһунан Надежда Егорова Таҥхаҕа анаммыт матырыйаала бу мөккүөргэ хоруйу биэриэҕэ.

Таҥхаҕа сыһыаннаан эттэххэ, кэлин үгүс дьон «Баҕа санаа хаартатын» анаан оҥостон, кинилэр тугу баҕарбыттара сыл устата туолара баар чахчы. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас Маттатын оскуолатын учуутала Вероника Александрованы-Эрэлкээнэни кытта кэпсээтиибин сэргээҥ.

Ааспыт 2019 сылга социальнай эйгэҕэ үгүс уларыйыы тахсыбыта. Дьон-сэргэ, ордук кыаммат араҥа, олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар, нэһилиэнньэ эбиллэригэр туһуламмыт ыйаахтар, сокуоннар ылыллыбыттара. Бу туһунан суруналыыс Ангелина Васильева «Эдэр саас» саайтка суруйуулара батсаапка группа аайы сылы быһа тарҕаммыта. Суруналыыс бүгүҥҥү хаһыакка ону-барытын бииргэ түмэн «Саха сыала» сыһыарыыга бэлэмнээн оҥордо. Онон бэрт суолталаах боппуруостары эдэр төрөппүттэр, бука, кырыйан ылан, олохторугар туһаналлара буолуо.

Быйыл Монголия Улан-Батор куоратыгар оонньуулар сатаан ыытыллыбат буоллулар диэн быһаарыы ылыллыбытын бары истэ-билэ сылдьабыт. Онон, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт Оман уонна Катар судаарыстыбаларыттан эппиэт күүтэрин, өскө бу дойдулар аккаастанар түгэннэригэр туох быһаарыы ыллыаҕын туһунан, онтон да киһини интэриэһиргэтэр боппуруостары тула Айтана Аммосова спорт уонна физическэй култуура миниистирэ Иннокентий Григорьевы кытта «Эдэр саас» сыһыарыыга кэпсэтиититтэн билиэххит.

Саамай үрдүк хамнастаах идэлэри билиэххитин баҕараҕыт дуо?  «2019 сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас 69 904,6 солкуобайга тиийбитэ, дьиҥ олоххо статистика отчуотугар киирбит хамнаһы илиитигэр ылар киһи аҕыйах», — диэн суруйар Марианна Тыртыкова. Кини бүгүҥҥү ыстатыйатыгар хамнастаах үлэ ханна баарын, тэрилтэлэр туох-ханнык үлэһиккэ наадыйалларын сырдатта. Суоппар, электромонтер, ,быраас, парикмахер, сиэстэрэ, учуутал, иитээччи үлэлэрэ хамнастаах идэлэргэ киирсэллэр дуо? Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Былырыын сыл бүтүүтүгэр Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар уонна Өймөкөөн улууһун Төрүтүгэр оскуолалар үбүлүөйдэригэр сырыттым. Ол онно киин уонна хоту улуустар оскуолаларын тэрээһиннэрин тэҥнээн көрбүт ырытыыбын хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр ааҕыҥ.

Кэлиҥҥи сылларга сахалар соҕуруу куораттарга көһөн тиийэн олохсуйуулара элбээтэ. Кинилэр дьылҕалара онно хайдах салалларый? Оннук биир холобуру — Анапаҕа олохсуйбут саха ыалын 14 саастаах кыыстара куорат 11 № -дээх оскуолатыгар ахсыс кылаас туйгуннук үөрэнэрин, ону ааһан модельнай агенствоҕа дьарыктанарын туһунан Ульяна Захарова социальнай ситимтэн булан суруйда. Саха ыала туох дьарыктааҕын, кинилэр үс обургу оҕолоро ыраах соҕуруу куоракка туох дьарыктаахтарын туһунан кыысчаан тугу кэпсээбитин ааҕааччы олус тартаран ааҕыаҕа.

Саха балаҕаныгар үгүс дьон сайын куйаас кэмҥэ эрэ олороллор. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктааҕар олорор 70 саастаах Саллаат Киэсэ саха балаҕанын туттан, онно быр бааччы кыстыыра, бука, үгүс киһини соһутуоҕа. Мин Балыктаахха бу балаҕаҥҥа сылдьан, тыа сирин олохтооҕо хайдах дьаһанан кыстыырын туһунан репортажпын чэппиэрдээҕи  хаһыакка ааҕыҥ.

Дьэ, онон, күндү ааҕааччылар, бу курдук кылгастык 48 сирэйдээх «Саха сирэ» хаһыат 2020 сыллааҕы бастакы нүөмэрин сүрүн матырыйаалларын эрэ билиһиннэрдим. 2020 сыл бастакы аҥарыгар хаһыаппытын суруттарбыт дьон почталара хаһан кэлэрин эрэнэ күүтэллэр. Сорох дьон: «Быйылгы сыл аҥардааҕы «Саха сирэ» хаһыакка үспүөйдээн суруппатыбыт…» — диэн этэллэр.  Суруппакка хаалбыттар олунньу ыйтан биэс ыйга сурутуоххутун сөп. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — суруналыыстар матырыйаалларыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0