«Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрэ тугу суруйда? Киһи болҕомтотун ханнык матырыйаалларга ууруон сөбүй?
edersaas.ru
“Түүн 12 чаас саҕана уоппут эмискэ баран хаалбыта. Гаас хочуолбут уотунан барар, онон уот барда да үлэлээбэт. Оҕолорбут утуйа сыталлар этэ, онон ханна да барбатахпыт. Таһырдьа олус тымныы эрэ буолбатах буолан, дьиэбит систиэмэтэ тулуйда дии саныыбын. Хочуолбут харааспытыгар турар, дьиэттэн 4 миэтэрэ тэйиччи, онон тымныы күннэргэ уот өр барара кутталлаах…”, — диэн холобурдуур Ньургуйаана Иванова “Уот барда! Хаһан кэлэр? Тоҥон эрэбит!!!” диэн ырытыы ыстатыйатыгар. Кэлиҥҥи күннэргэ бу олус сытыы тиэмэни суруналыыс хайдах арыйда? Ааҕыҥ, сэргээҥ.
— Иһиттэх аайы соҕотох ийэни куруук толорута суох ыал дии-дии отчуоттааччылар. Икки бырыһыаннаах ипэтиэкэнэн туһанарга икки оҕолоох аҥаардас ийэ ыал ахсааныгар киирэр дуо?; “Сайсары” ырыынагытан кыыспыныын балык атыылаһаары эрэй бөҕөнү көрдүбүт. Барытын Чокуурдаах балыга дииллэр. Үчүгэй балыгы хайдах талыахха сөбүй?; Үлэтэ суох киһиэхэ биэнсийэтэ эбиллэр дииллэр. Үс ый буолан баран үлэ буллаҕына, биэнсийэтэ үрдээбитинэн барар дииллэр. Кырдьык дуо? Бу маннык боппуруостар хоруйдарын «Ыйыт – хоруйдуубут” диэн рубрикаҕа ааҕыҥ. Матырыйаалы суруналыыс Женни Стрюкова бэлэмнээтэ.
“Нуучча күтүөт кэлиэҕиттэн, Тулагыга эр дьон ынах ыыр буолбуттар. «Бастаан күлэр этилэр, оттон билигин кэргэттэрин харыстыыр дьон ынахтарын бэйэлэрэ көрөллөр. Аҕабыт ынахтарын-сүөһүлэрин, оҕолорун барыларын көрөн олорбута», — диэн ахтар-саныыр Львовна. Оҕонньор 80 сааһыгар диэри Саха сирин иккис дойду оҥостон олорбута”, — бу Марианна Тыртыкова соторутааҕыта Тулагы нэһилиэгэр сылдьан, олохтоохтору кытта көрсүһүүтүттэн холобурдаатым. Интэриэһинэй матырыйаалы ааҕыҥ, сэргээҥ.
“Биһиги, норуот дьокутааттара уонна толоруулаах былаас уорганын үлэһиттэрэ, бу боппуруоһу аҥаардас харчынан эрэ буолбакка, атыннык эмиэ быһаара сатыахтаахпыт. Кистэл буолбатах, үгүс эдэр дьон: “Билигин оҕолонор былааммыт суох, эдэр-сэнэх эрдэхпитинэ үлэлии-хамсыы уонна араас дойдулары көрө-истэ түһүө этибит”, — диэн санаалаахтар. Дьэ ол иһин ыччаттарга уонна эдэр ыалларга “элбэх оҕолоох ыал дойду тирэҕэ буолар” диэн эппиэтинэстээх санаа үөскүүрүн туһугар үлэлэһиэхтээхпит”, — диэн ким санаатын маннык эттэ? Ил Түмэн дьокутаатын кытта Раиса Сибирякова кэпсэттэ.
“Анараа дойдуну кытары алтыһыы ураты сиэри-туому эрэйэр. Былыр-былыргыттан ханнык баҕарар омукка киһини көмүү туспа сиэрдээх-туомнаах. Аныгы дьон билбэппит-көрбөппүт олус элбэх. Син биир, хаһан эрэ өлүүнү, көмүүнү кытта алтыһыахпыт да буоллар, хайдах эрэ “билбэтэхпит ордук” дии саныыбыт, тирээн кэллэҕинэ, муммут кус оҕотун курдук буолабыт… Ханнык баҕарар омук киһини харайарыгар икки суолу туруорунар: өлбүтү тиһэх суолугар, иккис олоҕор атаарар. Иккиһинэн, үөр буолан орто дойдуга хаалан, аймахтарын аймыырын хааччахтыыр. Онуоха туһуламмыт элбэх үгэс баар”, — диэн суруйар Ангелина Васильева “Киһи уҥуоҕар сылдьар тоҕо бобулларый?” диэн матырыйаалыгар. Бу киһи интэриэһиргиир матырыйаала үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
Игирэлэр диэн айылҕа сэдэх, дьикти көстүүтэ буолар. Биллэн турар, биир ийэттэн, аҕаттан биир сыл биир күҥҥэ, чааска аҕыйах сөкүүндэнэн, мүнүүтэнэн күн сирин көрөн «бэбээрэ » ытааһын олоххо ахсааннаах көстүү. Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгэр, биэрэпис кэпсииринэн, барыта 18 игирэ төрөөбүт. Дьэ, бу игирэлэртэн саамай бастакы игирэлэринэн Александра Васильевна Федорова уонна Александр Васильевич Бурнашевтар буолаллар. Кинилэр буолаары буолан, Ороһуоспа күнүн көрсө, 1940 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр күн сирин көрбүттэр. Бу дьоллоох игирэлэр тустарынан суруналыыс Надежда Егорова матырыйаалыгар ааҕыҥ.
“Билигин үһүс оҕобутун күүтэр бүччүм кэммит. Үһүс оҕобутун күүтэр дьоҥҥо, икки хостоох дьиэ кыараҕас диэн санааттан, докумуон хомуйсан, биэс бырыһыаннаах ипотекаҕа киирсэ сырыттахпытына, 35 сааһын туола илик эдэр ыалга икки бырыһыаннаах ипотека биллэриллибитэ. Дьэ, биһиги хаттаан докумуоннарбытын туттаран, сүүрэн-көтөн, биир бастакынан ВТБ баан нөҥүө икки бырыһыаннаах ипотекаҕа тиксэн дьоллоннубут. Судаарыстыбабытыгар махтанабыт, ыччаты, эдэр дьону өйөөн, суол тэлэн биэрбитигэр”, — диэн эдэр блогер ийэ Мария Столярчик санаатын үллэһиннэ. Суруналыыс Ульяна Захарова “Икки бырыһыаннаах ипотеканан дьиэлэммит Столярчиктар” диэн ыстатыйатыгар “Эдэр саас” сыһыарыыга эдэр ыал судаарыстыбаттан туох чэпчэтиини туһаналларын ааҕан, уопутта атастаһыҥ диэн сүбэлиибит.
— Тэрийээччилэр сорудахтара олус интэриэһинэйдэр этэ. Манна араас эйгэ барыта хабыллан, хамаанданан үлэлээтибит. Сорудах аайы бииргэ толорор дьоммутун уларыта сырыттыбыт, ол аайы саҥа дьону кытта билсэн иһэр буоллахпыт. Мин икки хамаанданы кытта үлэлээтим. Биир хамаандаҕа Саха сирин кыттааччыларын уонна атын эрэгийиэнтэн сылдьар дьону кытта түбэһэн кыттыбытым. “Арассыыйа лиидэрдэриттэн” ыксаллаах быһыыга-майгыга түргэнник сөптөөх быһаарыныыны ылынарга уопут ыллым, — диэн суруналыыска ким санаатын сайа эттэ? Бу туһунан «Эдэр саас» сыһыарыыга ааҕыҥ.
“Билиҥҥи кэми кытта атылыы тутан көрдөххө, ити “Триумфка” буолбут улахан түмсүү эмиэ оччотооҕу кэми санатар. Көннөрү киһи күннээҕи түбүгэр көрсөр кыҺаоҕалара түмүллэн, ханан эрэ син биир төлө тэбэн тахсыахтаах этэ”, — диэн Уодай диэн псевдонимнаах ааҕааччыбытыгар ким санаатын итинник аһаҕастык үллэһиннэ? Бу олус интэриэһинэй кэпсэтиини хайаан да булан ааҕаргытыгар сүбэлиибит.
“Липснеле” уһуннук сылытыллар хочуоллаах оһоҕу Саха сиригэр оҥорон таһаарар буоллулар, “Антуар” диэн саха косметикатын эдэркээн Сунтаар кыыһа Антонина Дормидонтова айда. “Кылбай” диэн оҕо иһитин ыраастыыр убаҕас оҥоһук баар буолла. Бу барыта Кэнсиэпсийэ оҕолоро диэн ааттыыр 90-с сыллардааҕы ыччаттар сонун сүүрээннэрэ. Бу туһунан чэппиэрдээҕи хаһыакка сырдатыыбын ааҕыҥ.
“Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэриттэн кылгастык ырыттахха итинник.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат», edersaas.ru
Хаартыскалар — суруналыыстар матырыйаалларыттан.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска – суруналыыстар матырыйаалларыттан.