«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара сахалыы таҥастаах мунньахтаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайт суруналыыстара Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн сахалыы таҥастаах көрүстүлэр. Хаһыат, сайт нэдиэлэтээҕи былаанын торумнаатылар.

«Сахалыы тыллаах хаһыат, ону таһынан, интэриниэккэ саха тылын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тарҕатар эрэдээксийэ буоларбыт быһыытынан, төрөөбүт тылбыт күнүгэр саха буолан сандаардыбыт. Бу үгэһи сыл аайы тутуһар буолуохпут. Кырдьык, сахалыы таҥаһы ыһыах эрэ күн кэтэрбит тутах. Атын кэлэктииптэри эмиэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт. Сахалыы саҥа сатараатын!«, — дииллэр суруналыыстар.

«Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0