«Саха сирэ» хаһыат суруйуутун түмүгүнэн бэрэбиэркэ ыытылынна
“Саха сирэ” хаһыакка бэчээттэммит “Кыра харчыны биэрдилэр” диэн суруйуу түмүгүнэн, Амма улууһун прокуратурата бэрэбиэркэ оҥордо.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн биллибитинэн, Чапчылҕан нэһилиэгин дьаһалтата “Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраамаҕа кыттарга быһаарыныы ылыммыт. Ол эрээри, олохтоох бүддьүөттэн 600 тыһ. солк. төлөнүөхтээҕин, харчы суох буолан, сокуон ирдэбилин кэһэн туран, үс эдэр ыалга төлөппүттэр. Онон кинилэр бырааптара уонна сокуоннай интэриэстэрэ кэһиллибит.
Прокуратура бэрэбиэркэ түмүгүнэн, улуус баһылыгар туруорсуу түһэрэн, административнай быраабы кэһиигэ (РФ КоАП 15.15.3 ыст. 3 ч.) дьыала тэрийдэ. Бу ыстатыйа бүддьүөт иһинээҕи үбү тыырыы усулуобуйатын, бэрээдэгин кэһиигэ сыһыаннаах.
Бу ыытыллыбыт прокуратура бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, буруйдаах салайааччы эппиэтинэскэ тардыллан, 10 тыһ. солк. ыстарааптанна, үс эдэр ыалга 600 тыһ. солк. суумалаах төлөммүт харчылара толору төннөрүлүннэ.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru