«Саха сирэ» хаһыат олунньу 6 күнүнээҕи чэппиэрдээҕи 5 №-тэн Арассыыйаҕа Өйдөбүнньүк уонна Албан аат, Саха сиригэр — Дойдуга бэриниилээх буолуу сылларынан сибээстээн, Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан «Кыайыы!» диэн анал сыһыарыыны таһаарыаҕа.
edersaas.ru
Сыһыарыыга эппиэттээх, «Саха сирэ» хаһыат бэтэрээн-суруналыыһа Иван Ксенофонтов бэлиэтииринэн, «Кыайыы!» сыһыарыы 48 сирэйдээх хаһыат нүөмэрин аайы түөрт балаһанан тахсар буолуоҕа.
— Сыһыарыыга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хорсуннук сэриилэспит саха буойуннарын, тыылга Улуу Кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэрин, сэрии оҕолорун чугас аймахтарын, биир дойдулаахтарын ахтыылара бэчээттэниэҕэ. Билигин оскуола аайы Өйдөбүнньүк уонна Албан аат, Дойдуга бэриниилээх буолуу сылларынан араас өйтөн суруйуулар куонкурустара, ахтыылары хомуйуу аахсыйалара, уруһуй уонна айар үлэ күөн күрэстэрэ бара тураллар. Бу сыһыарыыга араас жанрга барытыгар суруллубут матырыйаалларгытын ыытыаххытын сөп. Онон бу сыһыарыыга ааҕааччыларбыт актыыбынай кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэбит, — диэн санаатын үллэстэр Иван Иванович.
Чэппиэрдээҕи саҥардыллыбыт хаһыат «Кыайыы» сыһыарыытын бастакы сирэйин Нам улууһун Таастааҕын чулуу уолун, Ильмень күөлгэ сэриилэспит 19-с хайыһар биригээдэтин комсомольскай сэкирэтээрэ, сержант Георгий Аргунов туһунан оскуола учуутала Максим Сибиряков «Учуутал сэриигэ барбыта» ахтыыта арыйда.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мөҥүрүөн нэһилиэгин олохтооҕо, сэрии сылларын оҕото, үлэ бэтэрээнэ Валентина Захарова сэриигэ сылдьыбыт үс буойун таайдарын туһунан «Биһиги киэн туттар таайдарбыт» ахтыыта ааҕааччы болҕомтотун тарта. Москва, Сталинград уонна Харьков анныгар сэриилэһэ сылдьан, олохторун дьоруойдуу толук уурбут таайдарыгар аймахтара мэҥэ-пааматынньык туруорбуттар.
Икки балаһанан «Ржев куорат сиригэр ытык кэриэстэбил» диэн 2002-2005 сылларга Ржевтээҕи Мемориалы хаттаан тупсаран оҥоруу үлэлэрин тэрийээччи, оччолорго Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун, I Хомустаах нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Николай Горохов улахан ыстатыйата таҕыста.
— Нам улууһун салалтатын көҕүлээһининэн 2002-2005 сылларга сахаларга анаан Өйдөбүнньүк-мемориал тутуллубут. Дэлэҕэ да «Ржев-Вязьма» плацдарматыгар өстөөхтөр сүрүн бөҕөргөтүүлэрэ туруо дуо? 15 ый устата күүдэпчилэммит кыргыһыыга 2 мөлүйүөнтэн тахса сэбиэскэй саллаат дьоруойдуу охтубута. Бэл, Гитлер: «Биһиги Ржеви кыайан ылбатахпытына, ол аата нууччалар Берлини ылаллар», — диэн тирэх сэрии туһунан эппит. Бу кыргыһыыга анаммыт Өйдөбүнньүк-мемориалга 667 саха буойуннарын ааттара киирэн үйэтиллибит. Улуу Кыайыы 75 сылыгар Мемориалы саҥардыы үлэтэ барыахтаах. Онно 1000 курдук эбии булуллубут саха саллаатын ааттара үйэтиллиэхтээх. Бу иитэр-үөрэтэр улахан суолталаах матырыйаалы оскуола оҕолоро кылаас чаастарыгар, мусуойдар уонна култуура үлэһиттэрэ үлэлэригэр туттуохтара диэн эрэнэбит, — диэн суруналыыс Иван Ксенофонтов санаатын тиэрдэр.
Иван Иванович Аҕа дойду Улуу сэриитигэр аналлаах матырыйааллары хомуйан, Улуу Кыайыы 70 сылыгар икки кинигэни бэлэмнээн, таҥан таһаарбыта. «Өлүүнү кыайбыттар өлбөттөр» диэн кинигэҕэ «Саха сирэ» хаһыакка бэчээттэммит ааҕааччылар ахтыылара, суруналыыстар матырыйааллара киирбиттэрэ. «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн сэрии хонуутугар охтубут буойуннар ийэлэрин туһунан «Саллаат ийэтигэр сүгүрүйүү» кинигэ 1-кы туомун оҥорсубута. Онон Иван Ксенофонтов «Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан хаһыакка сылы быһа тахсыбыт матырыйааллары мунньан, өссө биир дьоһуннаах кинигэ тахсыан сөп» диэн бэлиэтиир.
Хаһыат кэлэр нүөмэригэр 90 саастаах суруналыыс Миитэрэй Кустуурап «Сталин сэриигэ кыайбыт маршал» диэн ыстатыйата тахсара бэлэмнэнэр.
Мин Иван Ксенофонтовы кытта кэпсэтэр кэммэр кини «Смоленскай анныгар сэриигэ кыттыбыта» хаһыат матырыйаалын эрэдээксийэлии олороро.
Онон, күндү ааҕааччыларбыт, «Саха сирэ» хаһыат «Кыайыы!» диэн сыһыарыытыгар ахтыылары, өйтөн суруйуулары, хоһооннору хото ыытаргытын кэтэһэбит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.