«Саха сирэ» хаһыат «хамсыыр» уонна «саҥарар» буолла!

Ааптар: 
20.02.2020
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат  олунньу саҥатыттан нүөмэр аайы  сонун сүүрээни киллэрэрэ үгэскэ кубулуйда.

edersaas.ru

Ол курдук, хаһыат олунньутааҕы 5-с нүөмэрэ ураты «буочарынан» таҥыллан тахсыбыта. 6-c нүөмэргэ хаһыат бастакы сирэйигэр штрих-код ньыматынан  видеоматырыйаалы көрүөххэ сөп буолбута. Аны хаһыат чэппиэрдээҕи 7-c нүөмэрин бастакы сирэйигэр видеоматырыйаалы тэҥэ анал сыһыарыы нөҥүө хаһыаты тылынан ырытыы баар буолла.

Биллэн турар, ааҕааччыларбыт хаһыаппыт бу сонун сүүрээннэрин сөбүлүү ылыннылар, айхаллыы көрүстүлэр. Батсаап бөлөхтөрүгэр: «Сайдан иһэбит, бэрт да бэрт!»,  «Эҕэрдэ, маладьыастар. Олоҕу кытта тэҥҥэ!», «Үчүгэйин дии, сайдыы, тупсуу», «Сайдыы балысхана  буола турар», «Тыый, аата интэриэһинэйин», «Оксиэ, буолар да эбит!», «Наһаа үчүгэй дии, бары хаһыаттартан инники хардыылаатыгыт», — диэн сөҕүү-махтайыы бөҕө буолла. Ааҕааччыларбыт маннык сыанабыллара биһигини өссө да үгүс сонун сүүрээни тобуларга кынаттыыр.

Онон аны «Гарри Поттерга» баар «Хогвартс»  оскуолатын хаһыттарын курдук, хаартыскалара «тиллэн» кэлэн, «Саха сирэ» хаһыат  өссө «саҥарар» буолла! Дьэ, кырдьык балысхан сайдыы, доҕоттор!

Ол курдук Play маркет киирэн ARNEWS сыһыарыыны хачайдааҥ уонна видеолары дуоһуйа көрүҥ.

Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Өйдөбүнньүк уонна Албан аат, Саха сиригэр — Дойдуга бэриниилээх буолуу бэлиэ сылларыгар «Саха сирэ» хаһыат өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыттан БАСТАКЫНАН сыыппара ньыматынан сонун сүүрээни олоххо киллэрдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0