«Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи нүөмэрэ, хаһан буоларын курдук, бэрт интэриэһинэй матырыйаалларынан баай.
«Рядовой Чээрин» уус-уран киинэ билигин Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин бары кэриэтэ ханаалларыгар көстөр буолла. Биллэн турар, эрэгийиэннэр киин куораттарын киинэни сэҥээрээччилэрэ ньиэмэстэри кытта сэриилэһэ сылдьар саха саллаата өстөөхтөр суолталаах дьайыыларын рациянан тойук туойан доллоһутан тиэрдэрин интэриэһиргээбиттэрэ чахчы. Бу киинэ соторутааҕыта Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочунайа Юрий Трутнев Саха сиригэр оробуочай сырыытын кытта туох сибээстээҕин бүгүҥҥү хаһыакка үрдүк сололоох салайааччы өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сыһыаннаах үлэтин-хамнаһын хаһыат суруналыыстара киэҥник сырдаппыттарыттан билиэххит.
Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар эбии 1 млрд 650 мөл. солк. көрөргө СӨ бырабыыталыстыбатыгар сорудахтаата. Бу туһунан истээт, тыа сирин дьоно санааларын хото үллэстэн эрэллэр. Холобура, Хаҥалас улууһун «Хахсык» ТХПК салайааччыта Тамара Осипова, хотоннору тутууну тэҥэ эт-үүт бородууксуйатын астыыр тэрили, үлэҕэ-хамнаска наадалаах көлөнү (уу баһар массыына, МТЗ тыраахтар) атыылаһарга чопчу көмө оҥоһуллара буоллар диэн баҕалаахпыт диэн туран, кыстыкка киириигэ бэртээхэй сонуну истэн, эрэх-турах сананныбыт диэн санаатын үллэстэр.
«Онон мантан инньэ улуус киинигэр диэри көтүүнү быһаарсыыга күммүтүн-дьылбытын бараабат, кэлиэхтээх дуу, кэлбэт дуу бөртөлүөтү халтай күүтэн олорбот инибит», — диэн дьон санаатын холобурдаан туран, суруналыыс Александр Тарасов хоту улуустар нэһилиэктэригэр көтүүнү судургутутар бастакы хардыы оҥоһуллубутун туһунан суруйда.
«… Ол түүн Николай Дьячковскай табаарыһа Роман Плюскинныын Мугудайга баар дьонноругар массыына өрөмүөннүүргэ көмөлөһөн баран, Төлөйдөрүгэр төннөн испиттэр. «Бөһүөлэккэ киириигэ үөһэттэн дьаһалта дьиэтэ умайа турара көстүбүтэ. Биһиги тиийиибитигэр 14х10 иэннээх дьиэни уот сиэн, исписэлиис хоһугар тиийэн эрэрэ. Мин урут дьаһалтаҕа суоппарынан, сир боппуруоһун исписэлииһинэн үлэлээбит буолан, ханнык хоско туох ханан турарын билэбин. Онон тута докумуоннары быыһыы ыстаммытым» диэн кэпсээтэ соторутааҕыта Чурапчы улууһуна Төлөйүгэр баһаарга хорсун быһыыны көрдөрбүт Николай Дьячковскай. Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
«Кини саха дьонун ордук чиэһинэйдэр, үлэһиттэр, толоругастар диэн хайгыыр эбит. Оттон биһиги дьоммут ытыктаан «оҕонньорбут» дииллэрэ. 2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сыла бэлиэтэнэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт «Элгээйи» сопхуос бастакы дириэктэрин уонна 14 сыл тохтоло суох сопхуоһу салайан, «Элгээйи» сопхуоһу, Сунтаар оройуонун, бүтүн Саха сирин Сойууска тиийэ аатырдыбыт, оччотооҕу үлэҕэ, олоххо-дьаһахха сөҕүмэр ситиһиини ситиспит улуу нуучча омук ньургун уолун Семен Максимович Журавлев сырдык аатын ахтан-санаан ааһар тоҕоостоох дии саныыбын» диэн Сунтаартан уопсастыбаннай кэрэспэндьиэн Борис Николаев суруйуута ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
Бу күннэргэ саха киинэтин өссө биир чаҕылхай сонун сүүрээнэ – “истерн” дэнэр хайысха күөрэйэ түстэ. Киинэ продюсера Сардаана Саввина бэлиэтииринэн, “истерн” (үспүйүөн, бандьыыт драмата) жанры саха киинэтигэр өссө уһула иликтэр. Кырдьык, ол да иһин буолуо, “Үргүөрдээх көмүс” (“Холодное золото”) киинэ көрөөччү болҕомтотун тарта. Бүгүҥҥү хаһыакка мин көннөрү көрөөччү хараҕынан киинэни хайдах ылыммытым туһунан кылаабынай оруоллартан биирдэстэрин толорбут РФ үтүөлээх уонна СӨ норуодунай артыыһа Петр Баснаевы кытта кэпсэттим. Онон «Үргүөрдээх көмүс арыйыыта үгүс» диэн төбөлөөх матырыйаалы интэриэһиргээн ааҕыаххыт диэн эрэнэбин.
«Баһаар саҕаланыыта атын дэриэбинэттэн тиэхиньикэ көрдөһөн аҕалтарбакка тутатына үлэ барбыта буоллар, улахан иэннээх баһаар буолуо суоҕа этэ, уоппутун да куоттарыа суох этибит. Балыыһаҕа “Суһал көмө” массыыната, быраас хайаан да наадалар. Комбайн көстөрө буоллар, дэриэбинэлэри сиэмэнэн хааччыйыа этибит. Федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн, үөрэҕи саҥа бүтэрэн кэлэр исписэлиистэргэ дьиэ туттаран, олохсуйан үлэлиир усулуобуйаларын оҥоруо этибит» диэн Уус Алдан улууһуттан СӨ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Галина Борисоваҕа-Толбооноҕо ким санаатын тиэртэ? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
«Мин Кириэс Халдьаайыга олорбутум ырааттар даҕаны кэпсиир киһибин биирдэ эмит түбэһэн көрсүбүппүн өйдөөбөппүн, сураҕын эрэ истэр этим уонна хос аатын бастаан соһуйа истибиттээҕим. Соторутааҕыта төлөпүөн нөҥүө кэпсэппитим. Төһө да кылгастык кэпсэтэн ылларбыт сүрдээх сэмэй, бэйэтин туһунан кэпсэммэт, ол быыһыгар киһи быһыытынан сымнаҕас, көрдөөх, үлэҕэ ыксаллаах киһи диэн өйдөбүлү үөскэппитэ» диэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Ирина Харайданова ким туһунан сырдаппытын эмиэ бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
Сэбиэскэй кэминээҕи «Кыым» хаһыат нэһилиэнньигэ «Саха сирэ» хаһыат бу күннэргэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Бу суолталаах тэрээһининэн сибээстээн, эрэдээксийэ «Мин хаһыатым — Саха сирэ» хаартыска куонкуруһун ыытар. Онон ким биһиги хаһыаппытын олоҕун аргыһа оҥостон, күн бүгүҥҥэ диэри ааҕа сылдьар дьон бу куонкурус ис хоһоонун билсиҥ уонна актыыбынайдык кыттыҥ диэн ыҥырабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru