Бүгүҥҥү “Саха сирэ” хаһыат туох сонуннаах, интэриэһинэй ырытыылаах таҕыста?
edersaas.ru
Чэппиэрдээҕи хаһыакка Марианна Тыртыкова экэниэмикэ эйгэтигэр сыллааҕы түмүктэри сиһилии сырдатта. Ол курдук, суруналыыс “Бирилийээн атыыта тоҕо мөлтөөтө?”, “Кыһыл көмүһү хостуурга – инники күөҥҥэ”, “Ньиэп хостооһуна улаатта”, “Үрдүк хаачыстыбалаах таас чоҕу – тас дойдуларга” уонна да атын төбөлөрдөөх түһүмэхтэргэ арааран, өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын салаатын бүгүҥҥү туругун ырытыытын бэрт интэриэһинэйдик таҥан оҥордо.
Дьиэ сыаната төһө даҕаны сыл аайы ыарыы турбутун иһин, сорох дьон дьиэлэнэллэригэр судаарыстыба көмөлөһөрүн туһунан эмиэ Марианна Тыртыкова “Дьиэ атыылаһарга – социальнай төлөбүр” диэн ыстатыйатын аахтаххытына, олус туһалаах сүбэлэри булуоххут. Ол курдук, тутуу министиэристибэтин иһинэн нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлэ суох араҥатын дьиэнэн хааччыйыыга судаарыстыбаннай бырагыраамалар баалларын туһунан үгүс дьон билбэтэ чахчы. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ сэрии бэтэрээннэрин, кинилэргэ киирсэр кырдьаҕастары, төгүрүк тулаайахтары, ийэ-аҕа көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары, хотугу эргимтэ оройуоннарыттан көһөн барааччылары дьиэнэн хааччыйар анал бырагыраамалар бааллар эбит. Эбэтэр нэһилиэнньэ бу араҥатыгар олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар харчынан көмө биэрэллэрин туһунан эмиэ бу ыстатыйаны аахтаххытына билиэххит.
“Хаһаайыстыба сылгыһытынан Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан ыҥырыллан кэлбит, уопуттаах сылгыһыт Николай Никифоров уонна Өймөкөөн аатырбыт сылгыһыта, сылгы учуонайа Николай Винокуров салайар “Тоноор” бааһынай хаһаайыстыбатын баазатыгар тэриллибит Үөрэтэр кииҥҥэ тиийэн анаан-минээн үөрэммит эдэр сылгыһыт Валерий Генеров үлэлииллэр. Кинилэр үтүө суобастаах, кыһамньылаах үлэлэрин түмүгэр Кириэстээхтэн, Ньурбаттан уонна Чурапчыттан атыылаһыллыбыт сылгылар дойдутуйбуттар эбит”, — диэн суруйар Сунтаартан “Саха сирэ” хаһыат көхтөөх уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Борис Потапов. Кини “Сооруос учаастак саҥа тыына” диэн матырыйаалыгар бүгүҥҥү тыа сирэ кэскиллээх боппуруоһун көтөхпүтүн ааҕыҥ.
Бу күннэргэ суруналыыстар бэйэлэрин идэлээх бырааһынньыктарын – Бэчээт күнүн бэлиэтээтилэр. Олоҕун 29 сылын өрөспүүбүлүкэ тэлэбиидэнньэтигэр уонна араадьыйатыгар анаабыт, норуот таптаан ааттыыр араадьыйа “көмүс куолаһа” Эдуард Рудых СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолбутун үгүс киһи үөрэ уонна киэн тутта истибитэ чахчы. Эдуард Егорович оскуолатын бүтэрээт, ыанньыксыттыы сылдьыбытыттан саҕалаан, бүгүҥҥү күннээҕи олоҕун туһунан интервьюбун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Оттон Сунтаар улууһун “Сунтаар сонуннара” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Борис Николаев СӨ үтүөлээх суруналыыһын аатын ылла. Борис Парфеньевич улуус суруналыыстара бүгүҥҥү күннээҕи түбүктэрин, саха суруналыыстыкатын туһунан санаатын бүгүҥҥү хаһыакка суруйдум.
Эмиэ быйыл “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа” бочуоттаах аакка тиксибит «Көмүөл» издательскэй дьиэ дириэктэрэ Борис Павлов: “Уопсайынан, төрдүттэн уларыйыы буолан эрэр. Олох бэйэтэ оннук салайар быһыылаах. Ол да буоллар, сахалыы тыллаах хаһыат, сурунаал, кинигэ сүтүө суоҕа дии саныыбын. Өйдүүгүт дуо, 90-с сылларга аан бастаан видик диэн тэрил кэлбитин? Кинотеатр эстэр кутталланна диэн буолбута”, — диэн туох санаалаах бу курдук эппитин сиһилии бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи хаһыакка ааҕыҥ. Борис Павловы кытта суруналыыс Ульяна Захарова кэпсэттэ. Бу матырыйааллары “Үлэ сыаналаннаҕына, тахсыылаах” диэн икки балаһалаах ырытыыга ааҕыҥ.
Быйыл Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра САССР, РФССР үтүөлээх артыыһа Федот Потапов уонна САССР норуодунай бэйиэтэ Иван Гоголев-Кындыл төрөөбүттэрэ 90 сылларын үөрүүлээхтик бэлиэтииргэ бэлэмнэнэр. Бу суолталаах үбүлүөйдэргэ анаан “Наара Суох”, “Ийэ сирэ”, “Төлкө”, “Дыгын Дархан”, “Хара кыталык” испэктээктэр көрдөрүллүөхтэрэ.
Режиссер Федот Потапов үгүс ыччаты артыыс үөрэҕэр ыытан үөрэттэрбитэ. “Бу, бүгүн курдук өйдөөн кэлэбин: Федот Федотович миигин, тохсус кылаас кэнниттэн Щепкин аатынан театральнай училищеҕа Москваҕа үөрэххэ ыытаары, Майаҕа тахсан, РОНО-ҕа сүүрэ «сылдьарын…” – диэн бүгүҥҥү хаһыакка ханнык ааттаах-суоллаах артыыс кэпсээтэ?
Үгүс дьон сынньалаҥнарын кыраныысса таһыгар атаараллар. Ыраах айаҥҥа уонна ураты килиимэттээх атын дойдуга барарга доруобуйаҥ туруга хайдаҕын билэр туһуттан тугу гыныахха? Бу туһунан “Саха ыала” сыһыарыыга “Ыраах айаҥҥа кичэллээхтик бэлэмнэн” диэн матырыйаалга ааҕыҥ. Бу холобурдаабыт матырыйаалларбын суруналыыс Надежда Егорова бэчээккэ бэлэмнээн таһаарда.
Урукку өйдөбүлүнэн, таҥас төһөнөн сыаналаах даҕаны, соччонон хаачыстыбалаах диэн буолара. Билигин социальнай ситимнэр даҕаны дьайаннар быһыылаах, ыччат муоданы, истиили тутуһар, араастаан таҥнар-симэнэр буолла. Бэл, икки-үс сыллааҕыта түспүт хаартыскаларын таһаара-таһаара “таҥас-сап таҥнан турабын” эҥин диэн суруйаллар. Муода түргэнник уларыйар дуу, дьон санаата дуу? “Эдэр саас” сыһыарыыга эдэр суруналыыстар ыччат таҥаска-сапка хайдах сыһыаннаһарын, хантан, хайдах таҥнарын сурастылар. Бу туһунан “Таҥаска болҕомто уураҕын дуо?” диэн матырыйаалга ааҕыҥ.
“Мин доҕотторбор таҥхалыахха диэн этии киллэрбиппин, дьонум аккаастаммыттара. Ким даҕаны итэҕэйбэт эбит. Ол оннугар билигин киэҥник тарҕанан эрэр нумерологтарга сылдьаллар, ба-цзы каарталарын оҥортоллор. Таҥхатааҕар бу манна итэҕэйэллэр”, — диэн “Эдэр саас” сыһыарыыга ыччаттар таҥхаҕа сыһыаннарын туһунан бэрт интэриэһинэй матырыйааллары ааҕаргытыгар сүбэлиибит. “Эдэр саас” сыһыарыы матырыйаалларын Айтана Аммосова уонна Ульяна Захарова бэлэмнээн таһаардылар.
Күндү ааҕааччылар, бу курдук кылгастык 48 сирэйдээх «Саха сирэ» хаһыат 2020 сыллааҕы иккис нүөмэрин сүрүн матырыйаалларын эрэ билиһиннэрдим. Хаһыат үгүс матырыйаалларын хаһыаты бэйэтин аахтаххытына, үгүһү билиэххит. Бу күннэргэ сорох дьон: «Быйылгы сыл аҥаардааҕы «Саха сирэ» хаһыакка суруттарбакка хаалбыппыт…» — диэн этэллэр. Суруттарбакка хаалбыттар биэс ыйга сурутуоххутун сөп. Почталар олунньу ыйтан хаһыаты сурутууну бу ый 20 күнүгэр диэри ыыталлар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — суруналыыстар матырыйаалларыттан.