“Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрэ бүгүн эмиэ үгүс интэриэһи тардар матырыйааларынан баай. Ол онтон кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык.
Ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕалаан, тыа сириттэн киин сиргэ талаһыы үксээн, ис миграцияҕа улахан хамсааһын тахсыбыта. Тыа дьоно төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэктэриттэн букатыннаахтык араҕан, дьиэ кэргэнинэн, аймаҕынан көһөн кэлиилэрэ биллэ элбээбитэ. “Мөлүйүөнү хаһан куоһарабыт?” диэн төбөлөөн бүгүн “Саха сирэ” хаһыакка суруналыыс Анивера Акимова итинник көһүү улуустарга хайдах дьайбытын, “нэһилиэнньэ ахсаана элбиир дуу, аҕыйыыр дуу?” диэн ыйытыыга хоруйу биэриэҕэ. Бу ырытыы ыстатыйа үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
Бу өрөбүлгэ Дьокуускай куораппыт 390 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Онон хаһыат бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тапталлаах куораппыт туһунан үгүс интэриэһинэй матырыйаалы кэрэхсээн ааҕыаххыт. Олор истэригэр, биллэн турар, суруналыыс Егор Карпов “Дьокуускай улахан уулуссатын устуоруйата” диэн матырыйаала интэриэһи тардарыгар саарбахтаабаппын. Билигин астына хаамар уулуссабытын 1827-1829 сылларга ким “сотору буола-буола, дьону тиэйэр тэлиэгэлэри бадараантан икки көлүллүбүт оҕус күүһүнэн орууллар” диэн эппитин холобурдаабытын, киин уулуссабыт устуоруйатын киһи таттаран ааҕа олорор гына анааран суруйбутун хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
Хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев соторутааҕыта Татарстаҥҥа сылдьан тугу көрбүтүн-истибитин туһунан суруйуутун тоҕо » дойдубут сүрэҕэ Москубаҕа уонна Питергэ эрэ буолбатах, Казаҥҥа эмиэ тэбэр диэбитин «Казань — дойдубут үһүс тэбэр сүрэҕэ» матырыйаалыгар ааҕыҥ.
Антонина уонна Николай Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия быйыл үбүлүөйдээх 30-с сыла. Үөрүүлээх тэрээһини көрсө оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубут. Өрөмүөнү сиһилии билсээри, эт хараҕынан көрөөрү суруналыыс Ульяна Захарова өрөмүөннэммит оскуолаҕа тиийэн тугу-көрбүтүн истибитин суруйда. Бастакы этээстэн үһүс этээскэ диэри туох интэриэһинэй оҥоһуллубутун хаартыскаларынан сирдэтэн, ааҕааччы гимназияҕа бэйэтэ киирэ сылдьыбытын курдук сананыаҕа.
Оттон Дьокуускай куорат киин уулуссата – Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ бүтэрин бары анаан кэтиир, күүтэр буолбуппут мэлдьэх буолбатах. Ол да иһин буолуо, киин куорат мээрийэтин пресс-сулууспата таһаарар иһитиннэриилэрин биири да көтүппэккэ ааҕабыт диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Бүгүн Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспатын кылаабынай исписэлииһэ Юлия Осипованы кытта Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн хаамыытын, суолу тутуу туһунан кэпсэттибит.
Саха сиригэр киэҥник биллэр уонна биһирэнэр “Тобуруокап көмүс күһүнэ” 7-с өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон көҥүл түһүлгэтэ балаҕан ыйын 3-4 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр бэрт көхтөөхтүк ыытылынна. Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан ыытыллар түһүлгэҕэ Нам сэлиэнньэтин баһылыга Александр Кардашевскай икки күнү быһаччы кыттыспытын, дьону-сэргэтин кытта үөрүүнү үллэстибитин суруналыыс Надежда Егорова сэргии көрдө уонна баһылыгы кытта нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, бүгүҥҥү күннээҕи кыһалҕаларын кэпсэппитин ааҕыҥ.
Ууну иһии олус туһалааҕын бары үчүгэйдик билэбит. Ол эрээри хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта Дмитрий Егоров чааскылаах ууну биирдэ иһэн кэбиһии сыыһатын бэлиэтиир. Чаас аҥаара буола-буола сылаас ууну сыпсарыйан иһэ сылдьыахтаахпытын, бука, үгүс киһи билбэтэ буолуо. Чаанньыкка оргуппут уугун тута иһэн иһиэхтээх эбиппит. Сорох дьон оргуйбут ууга уу эбэ-эбэ хаттаан оргут да оргут буолаллар дии. Ол туһалыахтааҕар, доруобуйаҕа буортулааҕын сэһэргэһээччим эмиэ бэрт интэриэһинэйдик быһаарарын хайаан да ааҕыҥ диэн сүбэлиибин. Дмитрий Егоров 60 сыл устата күннүк суруйарын туһунан ааспыт нүөмэргэ суруйбуппун үгүс киһи сэргээбитэ. Оттон бүгүҥҥү хаһыакка Дмитрий Егоров туус, чеснок, уу, лимон туһатын, ону кини бэйэтэ хайдан туһанарын кэпсиирэ олус кэрэхсэбиллээх.
Быйыл муус устар 27 күнүгэр Дьокуускайтан түүр-монгуол омуктары түмэр, чөл олоҕу пропагандалыыр соруктаах бэлисипиэтинэн уһун айаҥҥа туруммут Ньурба ыччата ааспыт ый ортото төрөөбүт Сахатын сиригэр этэҥҥэ эргиллэн кэллэ. Амур уобалаһынан, Тыванан, Казахстанынан, Монголиянан сылдьан аспыт эдэр киһини кытта суруналыыс Айтана Аммосова кэпсэттэ. Кини кимий? Сотору аан дойдуну эргийэ барар былааннаах айанньыт туһунан ааҕан баран, киһи маннык ыччаттардаахпытынан киэн туттар.
Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэриттэн дьоҥҥо-сэргэҕэ олус абыраллаах “Абырал” санаторийга өйөбүл олус наада буолбутун туһунан аһаҕас кэпсэтии саҕаланна. Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Аҥарбыт сүрэх-тымыр ыарыыларыттан Орто дойдуттан күрэнэр” диэн матырыйаалыгар суруналыыс Ангелина Васильева күөгэйэр күннэригэр үлэлиир-хамсыыр дьон саастарыгар сылдьар дьон эмискэ охтон түһэн өлөн хаалара эбэтэр инбэлиит буоларын төрүөтүн туһунан ырытыы ыстатыйатын хайаан даа ааҕаргытыгар эрэнэбин уонна туһалаах сүбэлэри олоххотугар туһаныаххыт дии саныыбын.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.