“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр тугу ааҕабыт?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр тугу суруйар эбит диэтэргит, хаһыат ырытааччыта Аграфена Кузьмина РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин, Судаарыстыбаннай Дуума, Ил Түмэн дьокутаатынан үлэлээбит, Арассыыйа үтүөлээх экэнэмииһэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо Зоя Афанасьевна Корнилованы кытта тилэри икки балаһанан кэпсэтиитин ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Манна Зоя Афанасьевна: “90-с сыллардаах курдук кириисис буолуо суоҕа эрээри, ыарахаттар баар буолуохтара. Арассыыйа аан дойду экэниэмикэтин кытары сибээстээх буолан, син биир оҕустарыаҕа. Ол эрээри биири өйдүөххэ: тас дойдуттан хааччахтар билигин эрэ киирбит буолбатахтар. Мин мантан үөрэрим диэн, тас дойдуттан киирбит улахан хампаанньалар баран эрэллэр, ол түмүгэр бэйэбит оҥорон таһаарыыбытыгар болҕомтобутун ууруохпут” – диэн этэр.

Хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Анивера Акимова, суруналыыс Александр Тарасов бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тумул», “Хоту” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр сылдьан суруйбут репортажтарын ааҕыҥ.

“Аллараа Бэстээххэ сыана быдан чэпчэки”, “онно бааза арааһа баар” диэн билэр дьонум үгүстүк кэпсэтээччилэр. Мэҥэ Хаҥаласка тимир суол ыстаансыйата баарын таһынан, күһүҥҥү сааскы өттүгэр өрүс суола хаайбат буолан, ас-үөл, тутуу матырыйаалын сыаната киин куораттан уонна чугастааҕы улуустартан быдан араастаһар буолааччы. Бу уустук быыһык кэмҥэ ас-үөл сыаната хайдаҕын билээри, илэ харахпытынан көрөөрү, ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Өлүөнэ өрүс нөҥүө кытылыгар бара сырыттыбыт”, — диэн суруйар Анивера Акимова.

Суруналыыс Ульяна Захарова “Өрөбүл күннэр – Бааһынай ырыынагар сэргэх күннэр” – диир. Кини ырыынактан ас-үөл сыанатыгар сыһыаннаах репортаһа таҕыста. Ынах арыыта атыыга баар эбит дуо? Маны суруналыыс суруйуутун аахтаххытына билиэххит.

Нэһилиэнньэ сааһырыытын, аҕам саастаах дьону үөрэтэр тоҕо наадатын уонна бу хайысха салгыы сайдарыгар ханнык соруктар туралларын Саха сирин социальнай үлэһиттэрин холбоһугун бэрэссэдээтэлэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы кэлим киинин дириэктэрэ, “Үһүс саас оскуолата” уопсастыбаннай хамсааһыны төрүттээччи, СӨ социальнай сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Наталья Пахомова, хаһыат ырытааччыта Ангелина Васильева ылбыт интервьютугар кэпсиир.

РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Василий Алексеев “Үйэ оҕолорун сахалыы ааттыахха” диэн ыстатыйата таҕыста. Кини манна ааспыт сыл туругунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Горнай улууһугар Саахсаҕа управлениетын отделын салайааччыта Мотрена Егоровна Аргунованы кытта кэпсэтэ сылдьыбытын, демографияҕа олус уустук сыл кэлэн ааспытын суруйар. Ааспыт сылга 163 оҕо төрөөбүтүттэн, сахалыы ааттаммыта 68 оҕо – 41,7%.  Оттон 163 оҕо төрөппүттэрин сыныйан көрдөххө, кинилэртэн сахалыы ааттаахтара — 13%.

Быйыл төрөөбүт оҕолорго төһө кыалларынан кинилэр историческай уратыларын бэлиэтээн, кэнники өйдүү сылдьалларыгар анаан, 100 сыллаах үбүлүөйдээх кэмҥэ төрөөбүттэринэн, сахалыы ааты биэрэ сатааҥ диэн төрөппүттэргэ, эдэрдэргэ сүбэлиир.

Аныгы кэмҥэ оҕону үлэнэн иитии үтүө холобурун Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгин олохтоохторо Елизавета, Николай Поповтар көрдөрөллөр. Кинилэр улууска мүөтү оҥоруунан дьарыктанар ыал быһыытынан биллэллэр эрээри, сылгыттан саҕалаан  куска-хааска тиийэ иитэллэр. Үлэни уонна сынньалаҥы хайдах дьүөрэлииллэрин ыстатыйаттан ааҕыҥ.

Надежда  Егорова «Кыайыылаах Дьулустаан Бойтунов —  Саха АССР 100 сыллаах манньыатын эскиһин ааптара» диэн матырыйаалыгар худуоһунньук, живописец уонна график Дьулустаан Бойтуновтыын атах тэпсэн олорон сэһэргэһиитин сэргээҥ. Дьулустаан Афанасьевич худуоһунньук үлэтин кэрэхсэбилин уонна кыһалҕаларын, Монголияҕа айар сырыыларын, Саха АССР үбүлүөйдээх сылыгар оҥоһуллар манньыат эскиһин кыайыылааҕа буолбутун туһунан кэпсиир.

«Үлэбинэн уонна бэйэм даҕаны куруук элбэх дьону кытары алтыһабын. Кэнники кэмҥэ саха таҥаһа ордук сайдан, кыралыын-улаханныын бары кэтэр буолбуттара олус үчүгэй. Эдэр сылдьан араас таҥаһы быһыта-орута кырыйталаан, уларытан-тэлэритэн тигэр этим. Кэлин наар сахалыы таҥаһы тигэбин. Уопсайынан, эдэр-эмэн дьон күннээҕи олохторугар байбара­лаах былаачыйаны, кыл сэлээппэни, түбэтиэйкэни сөбүлээн кэтэр буоллулар. Биһиэхэ, Кутанаҕа, оскуола оҕолорун «параднай» таҥастара – сахалыы. Иистэнньэҥнэрбит тикпит сахалыы таҥастарын кэтэн эр дьоммут хаамыталаан кэбистэхтэринэ, норуот быһыытынан харысхаллаах курдук сананабыт. Дьэ, бу буолар – биһиги омук быһыытынан атыттартан уратыбыт, төрөөбүт төрүт үгэспитин илдьэ сылдьарбыт,  көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалларан иһэрбит», – диир кэрэни кэрэхсиир иистэнньэҥ, Дьокуускайга “Якутия мастеровая” куонкуруска кыттыбыт Сунтаар улууһун Кутанатын «Оһуор» түмсүүтүн салайааччыта Тамара Ивановна Оконешникова быыстапкаттан санааларын Надежда Егорова матырыйаалыттан ааҕыҥ.

“Хаһыат уонна ааҕааччы” рубрикаҕа Томпоттон Степан Никифоров – Алаас Уола аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан оскуола үөрэнээччилэриттэн соһуччу баһыылканы туппутун ахтан суруйар. Баһыылканы арыйбытын кэннэ аттыгар олорор уолаттар сирэйдэрин мырдьыччы туттубуттар. Тоҕо? Баһыылка иһигэр туох баарын ахтыыны аахтаххытына билиэххит.

Аныгы кэмҥэ оҕону үлэнэн иитии үтүө холобурун Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгин олохтоохторо Елизавета, Николай Поповтар көрдөрөллөр. Кинилэр улууска мүөтү оҥоруунан дьарыктанар ыал быһыытынан биллэллэр эрээри, сылгыттан саҕалаан  куска-хааска тиийэ иитэллэр. Үлэни уонна сынньалаҥы хайдах дьүөрэлииллэрин ыстатыйаттан ааҕыҥ.

Ньурба улууһун Маар орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала Афанасий Семенов тиэргэнэ уратытынан сөхтөрөр – сибэкки арааһын олордор. Бу күннэргэ Афанасий Васильевич Дьокуускайга кэлэ сылдьан, биһиги хаһыаппыт көрдөһүүтүнэн “Сахамедиа” былаһаакатыгар  ааҕааччыларбытыгар сибэккини олордууга бэйэтин сүбэлэрин биэрдэ. Афанасий Васильевиһы хаһыаппытыгар ыалдьыттатан, кини сүбэтин-аматын хаста да таһааран турабыт. Бу сырыыга үүнээйини олордууга туохха болҕомтону уруохха сөбүн “Сүбэһит” рубрикаҕа саайт таһаарааччы эрэдээктэрэ Сардаана Баснаева тистэ.

Суруналыыс Егор Карпов “Атом уонна водород: хайалара киһи аймаҕы сылытыай?”, Сунтаартан Борис Потапов “Бэйэбит тууспут атыыга таҕыста“ диэн төбөлөөх уо.д.а. ааптардар ыстатыйаларын ааҕааччы сэҥээрэригэр бүк эрэллээхпит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0