“Саха сирэ” хаһыат: аҕа хапытаала, сыбаарсык ийэ, оҕуруотчукка өйөбүл

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уһун кыһыны быһа хотон иһигэр турбут сүөһүлэр күөххэ үктэнэллэрэ лаппа чугаһаата.

Ыаммат кытарах ынахтары кытта субай сүөһүлэри оту далга тэлгэтэн таһырдьа аһаппыттара ыраатта. Ыам ыйын ортотун эргин үүттүгэннээх сайылыктарга тахсыы саҕаланыа буоллаҕа. Ол эрээри, ити барыта хайдах дьыл кэлэриттэн улахан тутулуктаах, хатааһыннаах дьыл буоллаҕына, биллэн турар, сайылыкка тахсыы кыратык хойутуон сөп.

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ «Саха сирэ” хаһыат суруналыыстара Нам улууһугар тахсан үлэни-хамнаһы билистилэр. Бу сырыыттан суруналыыс Александ Тарасов  Хамаҕатта нэһилиэгэр «Сэргэ» бааһынай хаһаайыстыба кыстыгы хайдах туораан эрэрин билсибитин ааҕыҥ.

Сайсары” бааһынай ырыынагар дьыл хайа баҕарар кэмигэр бэйэ сиригэр оҥоһуллубут ас-үөл дэлэччи атыыланар.

Кэбээйи собото, Аллайыаха чыыра, Таатта эмис этэ, чугастааҕы улуустартан аҕалыллыбыт үүтэт аһылык хара баһаам. Ол гынан баран, сыаната “тос” курдук буолан, киһи элбэҕи атыылаһыан кэрэйэр. Дьиҥэр, олохтоох оҥорон таһаарааччылар, ол иһигэр Нам улууһун биир бөдөҥ хаһаайыстыбата «Эрэл» кэпэрэтиип аһын-үөлүн бэйэтин сыанатынан нэдиэлэ ахсын атыыга аҕалан туттараллар. 2000 сыллар саҕаланыыларыттан таһаарыылаахтык үлэлии олорор “Эрэл” тыа хаһаайыстыбатын кэпирэтиибин үлэтин туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Анивера Акимова билиһиннэрэр.

Сааскы ыһыы саҕаланара чугаһаата. Быйыл баар балаһыанньаттан сылтаан, оҕуруот аһын хото үүннэриигэ хаһааҥҥытааҕар да улахан болҕомто ууруллар буолла.

РФ Бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан, хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ көмө улаатар буолла. Бу туһунан бэрт судургутук өйдөнөр инфографикаттан билсиэххэ сөп.

Муус устар 19 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай дуоһунаһыгар Туйаара Васильева анаммыта. Бүгүн Туйаара Валерьевна – биһиги хаһыаппыт ыалдьыта.

Бүгүҥҥү хаһыакка соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас улууһугар сырыыбынан, “Балыктаах граннаах Ньургуна” диэн репортаж оҥордум.

Атыыр оҕуһу, сылгыны үөрдээн иитэр эдэр пиэрмэр туһунан билиһиннэрдим. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах нэһилиэгин олохтооҕо Ньургун Габышев бэйэтин тиэргэнигэр улахан хотон туттан, наукаҕа олоҕуран, суот-учуот оҥорон, ынах сүөһү, сылгы, кус-хаас иитэрин илэ көрөн, тыа хаһаайыстыбата эрэллээх ыччат илиитигэр киирбит диэн киэн туттан кэллим.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин быһаарыытынан, 2022 сыл муус устар 1 күнүттэн 8-16 саастаах оҕолордоох кыаммат ыалларга саҥа ыйдааҕы төлөбүр олохтоммута.

Ыам ыйыгар бу ирдэбиллэргэ хапсар дьиэ кэргэттэр икки ыйдаах төлөбүрү тэҥинэн ылыахтара. Бу кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ улахан көмө буолар. Элбэх дьиэ кэргэттэри таарыйарынан, дьоҥҥо өйдөнүмтүө буоллун диэн, “Саха ыала” сыһыарыыга бу быһаарыы ыйытыы-хоруй көрүҥүнэн таҕыста.

Айыылартан айдарыллан кэлбит дэгиттэр талааннаах Зоя Багынанова бу күннэргэ 80 сааһын бэлиэтиир. Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар үбүлүөйүн бэлиэтиир тапталлаах артыыспыт Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, САССР үтүөлээх артыыската, сыана улахан маастара, уус-уран ааҕыы уонна киинэ эйгэтин уһулуччулаах талаана, саха норуота сүгүрүйэр киһитэ, айар куттаах Зоя Багынановаҕа суруналыыс Надежда Егорова-Намылы сыалай икки балаһаны анаата.

“10 сыл анараа өттүгэр оҕолорум бэлэсипиэттиэхтэрин баҕаралларыттан үс көлүөһэлээх “биэлик” алдьана сытарын бэйэм хомуйан оҥорорго санаммытым.

Күтүөтүм тимири иһэрдэр аппараатын уларсан баран, бэйэм дьоҕус бэлэсипиэти “хомуйан” кэбиспитим. Онтон эр ылан, кыраттан саҕалаан, билигин бураан сыарҕатыгар тиийэ сыбааркалаан оҥорон таһаарар буоллум” диэн ханнык элбэх оҕолоох ийэ сыбаарсык идэтин баһылаабытын туһунан кэпсээт? Ааҕыҥ, сэргээҥ.

Ийэ хапытаалын үбүн аҕалар эмиэ туһаныахтарын сөбүн туһунан сокуон үһүс ааҕыытыгар ылылынна.

Аҕа хапытаала диэн тугуй? Ийэ хапытаалын аҕалар уонна оҕону иитэ ылбыт эр дьон ылар кыахтанан, судаарыстыба биэрэр көмөтө маннык ааттанар.  Бу туһунан суруналыыс Ангелина Васильева олус туһалаах матырыйаалын үгүс ыал интэриэһиргээн ааҕыаҕа.

“Дьэ, билигин өртөөһүҥҥэ киириэҕиҥ. Үчүгэй умнуллара түргэн. Урут өртөөрү уоту ыыппыттар диэни истибэт этибит. Куруук оттуур ходуһаларын күһүн аайы ыраастыыллара. Бастаан талаҕыттан саҕалыыллара. Билигин ходуһалар талахха былдьанан тураллар, күһүҥҥү ыраастааһын туһунан билбэт курдук тутталлар. Дьиҥ иһэ сүрэҕэлдьээһин. Куруук оттонор ходуһа күһүн ыраастанара, көрүллэрэ, онон үлэтэ аҕыйаҕа. Сыл аайы өртөөбөттөрө. Онтон саҥа оттуур сир оҥороллоругар бастаан ойуур кытыытыттан саҕалыыллара, хас да сыллаах лаҥханы охсоллоро. Өртүүр табыллыбата өйдөнөр”, — бу “Өбүгэбит муудараһын өйдүөҕүҥ” диэн ааҕааччыбыт Яна Докторова бэрт интэриэһинэй суруйуутуттан холобурдаатым. Эһиги эмиэ ааҕыҥ уонна тускутугар туһаныҥ.

 Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0