«Саха сирэ» хаһыат 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «Манчаары» сыһыарыыланна

Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «Манчаары» диэн саҥа сыһыарыыланан, Сибээскэ, информационнай технологияҕа уонна маассабай коммуникацияҕа кэтиир федеральнай сулууспаҕа регистрацияланна.

Саҥа сыһыарыыга эрэдээктэринэн  «Саха сирэ» хаһыат «Кыым» эрдэҕиттэн уһун сылларга үлэлээбит биллэр суруналыыс Иван Иванович Ксенофонтов ананна.

Иван Ксенофонтов «Манчаары» сыһыарыы туһунан маннык кэпсиир:

— Быйыл ахсынньы ыйга быстыбат ситимнээх судаарыстыбаннай хаһыаппыт 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Бастаан «Манчаары» хаһыаты гражданскай сэрии кэмигэр дьону эйэлээх оҥорор, кинилэр кыргыспаттарын туһугар чулуу дьоммут Былатыан Ойуунускай уонна Исидор Барахов төрүттээбиттэрэ.

Ол хаһыат бастакы нүөмэригэр Былатыан Ойуунускай «Саха тоҥус бырааттар» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Уопсайа 13 нүөмэр тахсыбыт, ол кэнниттэн 1923 сыллаахха «Манчаарыны» солбуйан, хаһыаппыт «Кыым» диэн аата уларыйбыта. Дьэ, онтон ыла 1991 сылга диэри ньиргиччи үлэлээн, хаһыат тахса турбута. Ол сылга баартыйа эстэн, сойуус ыһыллан Саха сирин бырабыыталыстыбатын уорганын быһыытынан «Саха сирэ» хаһыат тахсар.

Онон хаһыат хара тэриллиэҕиттэн судаарыстыбаннай хаһыат. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев хаһыаппыт 100 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүлээхтик бэлиэтиир туһунан тустаах дьаһала таҕыста.

Сарсын, муус устар 1 күнүгэр, «Саха сирэ» хаһыат саҥа сыһыарыыта «Манчаары» тахсыаҕа. Ааҕыҥ, сэргээҥ. Манна «Кыымҥа «үлэлээбит, үлэлэспит дьон туһунан уонна «Саха сирэ» хаһыаты ситимниир устуоруйа бэчээттэниэҕэ.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн хаартыскаҕа: «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков

уонна «Манчаары» сыһыарыы эрэдээктэрэ Иван Ксенофонтов.

Хаартыскалар — «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0