«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тугу ааҕыахха?

Ааптар: 
02.04.2020
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ «Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэрэ коронавирус эпидемиятынан сибээстээн дьиэттэн олорон үлэлээбиппит иккис нэдиэлэтигэр барда. Онон хаһыаппытыгар да, «Эдэр саас» саайпытыгар биир тэҥник хорутуулаахтык үлэлии олорбут.

Бүгүн хаһыаппыт чэппиэрдээҕи нүөмэрэ таҕыста. Түгэнинэн туһанан, волонтердардарга сайаапка биэрэр дьон «Саха сирэ» уонна «Якутия» хаһыаттары сакаастаргытыгар тэҥҥэ сайаапкалаатаххытына бу хаһыаттары ыччаттар дьиэҕитигэр тиэрдиэхтэрэ диэн иһитиннэрэбин.

Бу туһунан сиһилии «Эдэр саас» саайтан билсээриҥ. Дьэ, аны хаһыаппытын ырытыыга киириэҕиҥ.

Соторутааҕыта батсаапка коронавирус ыарыытын анаалыһын бигэргэтэр институту саха киһитэ төрүттээбитин туһунан суруйбуттара киэҥник тарҕаммыта.

Бу иһитиннэриини ааҕан баран, суруналыыс Татьяна Маркова учуонай аймахтарын, үөлээннэхтэрин булан кэпсэттэ.  “Коронавируска (Covid-19) ылларбыт киһи анаалыһын Новосибирскайга ыытан бигэргэтэллэрин истэбит. Бу олус эппиэтинэстээх дьыалаҕа, ыарыыны, вируһу билэр прибордары оҥоруунан “Вектор-Бест” институт дьарыгырар. Институту саха уола, Чурапчы улууһун 2-с Мэлдьэхсититтэн төрүттээх Алексей Дмитриевич Аммосов төрүттээбитэ уонна бастакы дириэктэрэ буолбута. Кини быар ыарыытын быһаарар хас да тесты, прибору оҥорон, РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбута. Кырдьык, бу Новосибирскай института билигин аан дойдуга биллэр. Учуонайдар бу иннинэ, улаханнык биллибэккэ-көстүбэккэ, үгүс сылларга үлэ бөҕөтүн үтүө суобас­таахтык үлэлээн-хамсаан кэллэхтэрэ…  Оттон “Вектор-Бест” институту төрүттээбит киһинэн саха учуонайа буоларын үгүспүт саҥа кэриэтэ биллэҕэ…» диэн суруйар суруналыыс. Салгыы кини Чурапчыга Дириҥҥэ эрийэн оҥорбут бэрт интэриэһинэй ыстатыйатын ааҕыҥ.

Бу өрөбүлгэ Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Ангелина Васильева киин куораттааҕы Аҕа сүбэтин  актыбыыһа, “Арена-31” диэн уопсастыбаннай тэрилтэ, ыччат киинин салайааччыта Николай Мартыновы кытта аҕа оруолун туһунан кэпсэтиитин ааҕыҥ.

Саха сиригэр 2012 сылтан саҕалаан Булчут күнэ диэн бэлиэтэнэр буолбута. Бүгүн онон сибээстээн, Женни Стрюкова «Булчуту туох долгутар» диэн бэрт интэриэһинэй матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнээтэ.  Холобурга, булчуттар санааларын билиһиннэриим: «Быйыл нэһилиэкпэр биллибит икки бөрөттөн биирин илдьэ хаалбытым. Бөһүөлэк таһыгар үөскэппэт буола сатыыбыт, ылҕаан ылан иһэбит»; «Сааскы куһу биир сезон Хаҥаласка, Намҥа, Дьокуускай куорат таһынааҕы сирдэргэ бобуохха. Тоҕо диэтэххэ, урут мин бултуур сирбэр – куорат таһыгар моонньоҕон, тыйаах, умсаах төрүүр этилэр. Онтон уонча сыл иһигэр чөккөйү кытта көҕөн эрэ төрүүр буолла, моонньоҕон олох эһиннэ»; «Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр “Бултааһын” („Охотпромысел”) диэн биридимиэттээх этибит. Өрөбүл аайы кыһын муус аннынан илимнииргэ, кырсаны, куобаҕы, курупааскыны, туллугу саата суох бултуурга үөрэнэрбит». Бу кимнээх маннык дууһаларын арыйан кэпсээбиттэрин ааҕыҥ, сэргээҥ. Булчуттар ааттара суоллара, улуустара толору ыйыллар.

Николай Дмитриевич Кириллин, 69-с сааһыгар үктэммит СӨ үтүөлээх геолога 1973 сыллаахха СГУ-ну бүтэрбитэ, аармыйаҕа сулууспалаан баран айылҕа баайын көрдүүр Дьокуускайдааҕы 6 №-дээх Киин эспэдииссийэҕэ үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ көмүс, хорҕолдьун, хаһан ханна хостонор буолбутун бэрт өйдөнүмтүө гынан үтүөлээх геолог Марианна Тыртыкованы  кытта кэпсэппитин ааҕыҥ.

«Үлэни кыайбат оҕоттон үтүө үлэһит киһи тахсыбат. Кыра саастарыттан дьоҥҥо ытыктабыл­лаах сыһыаннаах буолар, төрөөбүт түөлбэлэрин кытта ыкса сибээһи тутар гына иитэргэ кыһамньыбын уура сатаабытым», — диэн Ульяна Захарованы кытта кэпсэтиигэ ким маннык бэлиэтээтэ? Ааҕыҥ. Сэргээҥ.

«Архыып баараҕай ­пуондатын докумуоннарын быыстарыгар, ­учуонай-устуорук сыралаах үлэтинэн Михаил Стрекаловскай Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатыгар түспүт наҕараадалыыр лииһин булар. Кыра омук сэнэбилин да охсуута буолуо, Ийэ дойду көмүскэлигэр хорсуннук сэриилэспит Михаил Стрекаловскай наҕараадалыыр лииһэ бигэргэтэринэн, Кыһыл Знамя уордьаҥҥа тиксэр чиэстэммит. Өлөр быатын хаста да илэ бааччы көрөн туран, мүлчү көппүт хомуньуус Михаил Михайлович Стрекаловскай сүүрбэ биир сыл тухары Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун албан аата иҥэриллэрин кэтэһэн, эрэмньи санаатын күүһүнэн ыар ыарыытын хам баттаан, 1989 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр күн сириттэн бараахтаабыта», — бу маннык төһөлөөх сэрии кыттыылааҕа бэйэтин наҕараадатын көрбөккө өлөөхтөөбүтэ буолуой. Бу туһунан «Кыайыы» балаһаҕа Панкратий Петров матырыйаалын ааҕыҥ.

«Саха дьоно-сэргэтэ алаһа дьиэлэрин кэмиттэн кэмигэр аал уоту оттон көрдөһөн, алаадьылаан, оту буруолатан, о.д.а. араас ньыманан ыраастыыр, ыраастатар үгэстээхтэр. Оттон үҥкүү хамсаныыларынан ыраастыылларын туһунан өссө истэ илигим», диэн Сардаана Баснаева ыстатыйатын ааҕа олорон, олох ис хоһооно киинэ лиэнтэтин курдук көстөн кэлэр. Үҥкүүнэн дьиэни хайдах ыраастыылларый? Бу туһунан ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

«Билигин хоһоон, кэпсээн суруйарга холонооччу элбээтэ. Итинтэн киһи, сахабыт тыла сүтүө суоҕа диэн үөрэр. Дьиҥнээх талааннаахтар киэҥ эйгэҕэ бэйэлэрэ тахсаллар, үүнэллэр-сайдаллар. Оттон көннөрү дьарык гынан суруйааччылар чугас дьоннорун үөрдээри, кэнчээрилэригэр өйдөбүнньүк хааллараары суруйаллар.  Кинилэргэ көмөлөһөбүн. Салаҥ уус баллырдаабыт оҥоһугун сатыыр киһи кыладылаан, көннөрөн биэрбитин кэриэтэ, көннөрдөххө, сааһылаатахха, бэртээхэй айымньы да тахсан кэлиэн сөп» диэн “СҮРЭХПЭР ҮҮННЭРДИМ КЭРЭНИ” матырыйаалыгар Надежда Егорова Сунтаар маҥнайгы поэтессата, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар холбоһуктарын чилиэнэ Саргылаана Спиридонованы-Кэрэмэс Кийиитин кытта кэпсэтиитин ааҕыҥ.

«Рационализатор муннуга» диэн бэртээхэй рубрикаҕа хаһаайыстыбаҕа туһалааҕы көрдөөн булан таһаарабыт. Бүгүн бу манна «ХОТОН ҮЛЭТИН ЧЭПЧЭТЭР ТЭРИЛЛЭР» диэн  Тыа хаһаайыстыбатын академиятын доцена Михаил ИВАНОВ сүбэтин ааҕаргытыгар сүбэлиибин: «Хотон үлэтигэр үйэ тухары быhаарыллыбакка кэлбит улахан кыhалҕа баар –  төhө да кыhаллан ыраастаа, сүөhү син биир инчэҕэй муостаҕа сытар. Итини туоратарга икки ньымаҕа санаабытын уурдубут». Дьэ, туох ньымалар эбиттэрий? Салгыытын аахтаххытына билиэххит.

«Дорооболоруҥ”, — диэн түмэл боруогун атыллаат, саас ортолоох киһи былыргы мас  ыскаамыйаҕа хордуон хоппону уурар. Баайыытын сүөрбүтүгэр көрбүппүт…», салгыы Өлүөхүмэ улууһун маһы, мууһу ыллаппат эрэ маастара Архип Павлов туох оҥоһуктарын көрбүтүн  суруналыыс Людмила Попова кини туһунан ыстатыйатыгар ааҕыҥ.

«Саха сирэ» хаһыат матырыйаалларын кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0