Саха сирэ Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэни кытары докумуон баттаста

21.04.2022
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов уонна Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин э.т. Татьяна Переверзева муус устар 20 күнүгэр Донецкайга доҕордуу сыһыаны олохтуурга анал докумуоҥҥа илии баттастылар.

Андрей Сандаминович бэлиэтээбитинэн, бу докумуон икки өрөспүүбүлүкэлэр кэнэҕэскитин дуогабар түһэрсиилэригэр төрүөт буолуоҕа.

– Ил Дархан Айсен Николаев этиитинэн Саха сирин дэлэгээссийэтин салайан Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэтигэр бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэтэ кэллибит уонна коммюнике баттастыбыт. Бу докумуон инникитин биһиги өрөспүүбүлүкэлэрбит бииргэ үлэлэлэһиилэригэр, дуогабар баттаһыыларыгар төрүөт буолуоҕа, – диэн иһитиннэрэр кини.

Андрей Федотов бэлиэтииринэн, Донбаас уонна Саха сирэ ситимнэһиилэрэ ыраахтан силистэнэн-мутуктанан тахсар. Санатан эттэххэ, 1850 сыллаахха саха саллааттара Севастополь куорат оборуонатыгар кыттыбыттыра. Бу историческай кэми суолталаан Дьокуускайга, Севастопольга анал уулуссалар ааттаммыттара.

– Бу ситиммит Севастополь куораты эрэ буолбатах, Арассыыйа соҕуруу өттүн барытын хабар. Саха пуолката Севастополь оборуонатыгар кыттыбыт эрэ буолбатах, биһиги саллааттарбыт Украинаны босхолооһуҥҥа эмиэ кыттыбыттара. Билигин саха саллааттара анал байыаннай операцияҕа эмиэ бааллар. Арассыыйа олохтоохторо буолан тураммыт, биһиги бу бүгүҥҥү баар балаһыанньаттан хайдах да туора турарбыт сатаммат. Мин санаабар, олунньу 24 күнэ биһиги эрэ историябытыгар буолбакка, аан дойдуга бүттүүнүгэр хаалар даата буолуоҕа. Ол иһин билигин Арассыыйа дьоно бары бэрэсидьиэн Владимир Путин этиитин өйөөтүлэр, – диэн иһитиннэрэн туран Андрей Сандаминович Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэни кытары үлэлэһии инникитин кэскиллээх буолуоҕар эрэнэрин, икки өрөспүүбүлүкэлэр үгүс эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэллэрин, салгыы да үлэлэрэ кэҥии туруоҕун эттэ.

Көрсүһүү түмүгэр ДНӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин э.т. Татьяна Переверзева Саха сирин дэлэгээссийэтигэр махтанан туран: “Мин бүгүн олус долгуйан туран ыраах хоту баар Саха сирин олохтоохторугар барыларыгар махтаныахпын баҕарабын. Биһиги бу көрсүһүүбүт бастакы кыра хардыы эрэ, салгыы бу курдук далаһа ууруллан, атыы-эргиэн, бэлиитикэ, научнай-техническэй, култуура, о.д.а. эйгэлэргэ үлэбит өссө хаҥыаҕар эрэнэбин”, – диэн иһитиннэрдэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0