Саха сирэ дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыыга былаанын толорон иһэр

03.12.2021
Бөлөххө киир:

СӨ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Михаил Никифоров бүгүн мунньахха дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыыга туһуламмыт национальнай бырайыак туолуутун кэпсэттэ.

Сүрүн дакылааты урбаан , атыы-эргиэн уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких оҥордо. Кини бэлиэтииринэн, дьоҕус, орто бизнескэ дьон-сэргэ үлэлээһинэ быйыл үрдүк көрдөрүүлээх. Быйылгы былаан 98375 үлэ миэстэтэ диэн ааҕыллыбыт буоллаҕына, билиҥҥи туругунан, 110 тыһыынчаттан киһи бу эйгэҕэ дьарыктана сылдьар. Ол иһигэр бэйэ дьыалатын налог.ру сайтка регистрациялаан эбии дохуоттанар киһи ахсаана элбээбит. Билигин бу хайысханан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 14,4 тыһыынча киһи дьарыктанар.

“Национальнай бырайыак чэрчитинэн туруоруллубут сыалы-соругу биһиги ситиспиппитин таһынан, өссө былааммытын аһары толордубут. Билигин Үп министиэристибэтин, Казначействоны кытары үлэлэһэн предпринимателлэргэ социальнай граннары ыытыахпытын наада”, – диэн бэлиэтиир мунньах кэмигэр миниистир Ирина Высоких.

Предпринимательство сайдыытыгар быйыл бүддьүөттэн 313,4 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Ол иһигэр федеральнай хааһынаттан 188,4 мөл. солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн – 125 мөлүйүөн солкуобай.

Ону сэргэ тас сибээс миниистирин солбуйааччы Диана Степанова, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев бэйэлэрин хайысхаларынан дакылааттаатылар.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0