Быйылгыттан саҕалаан тас дойдуга (Сэбиэскэй сойуус урукку өрөспүүбүлүкэлэрэ) олорор биир дойдулаахтарбыт Арассыыйаҕа көһөллөрүгэр көмөлөһөр бэдэрээлинэй бырагыраама чэрчитинэн Саха сиригэр хас даҕаны киһи олохсуйда.
Валерия Запорожец кэргэнэ Алдантан төрүттээх. 2013 сыллаахха Казахстаҥҥа холбоһон баран, кэргэнин дойдутугар көһөн кэлбиттэр. Алданнааҕы политехническэй лицейгэ Валерия английскай тыл учууталынан үлэлиир.
Оттон тиис бырааһа Саллахаддин Ахмедов манна ананан үлэлии кэлбит. Нерюнгри Серебрянай Бор бөһүөлэгин балыыһатыгар идэтинэн үлэлиир.
Салахаддин Ахмедов, тиис бырааһа, бырагыраама кыттыылааҕа:
— Маннык өйөбүл баара олус үчүгэй. Гражданство ылыан баҕалаах киһи элбэх буолуо дии саныыбын. Мин урукку ССРС олохтооҕо буоларым быһыытынан, манна кэлэн бэйэм дойдубун буллум, идэбинэн үлэлиибин диэн астына саныыбын.
Нерюнгри таас чох хостуур Денисовскай шахтатыгар Украинаттан кэлбит Владимир Проскура үлэлиир. Хоту дойдуга олохсуйуон баҕарбыта ырааппыт эбит. Инженер-гидротехник идэлээх буолан, промышленнай куоракка кэлбит. Биэс сыл маастарынан үлэлээн, билигин отдел салайааччыта буолла. Быйыл ыам ыйыгар бэдэрээлинэй бырагыраама туһунан истээт, докумуоннарын биэрэн, Арассыыйа гражданина буоларын күүтэр.
Степан Москвитин, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Сүрүннээн үлэни промышленнай уонна хоту оройуоннарга биэрэбит: Анаабырга, Булуҥҥа, Аллараа Халымаҕа, Усуйаанаҕа, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Миирнэйгэ уонна Ленскэйгэ. Быйыл 89 киһи көһөн кэллэ, балартан 44 киһи бырагыраама кыттыылаахтара, 45 — кинилэр кэргэттэрэ. Бырагырааманы олоххо киллэрэргэ эбии өйөбүл быһыытынан барыта биир мөл. солк.кэриҥэ көрүлүннэ. Бу бырагыраама эһиил салгыы үлэлиир. Бэдэрээлинэй бырагырааманы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кэмитиэтэ уонна ИДьМ миграцияҕа бырабылыанньата дьаһайаллар. Бырагыраамаҕа хапсыан баҕалаах элбэх. Манна судаарыстыбаттан араас хабааннаах өйөбүл оҥоһуллар. Ол курдук, бэдэрээлинэй бүддьүөттэн 240 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүр бэриллэр. Маны тэҥэ, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн эмиэ кэккэ өйөбүл баар, үлэ буларга күүс-көмө буолабыт, бастакы кэмҥэ дьиэ куортамыгар уонна да атын хайысхаҕа үлэлэһэбит.