Саха сирэ бэрэсидьиэни, аармыйаны өйүүр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муус устар 2 күнүгэр Дьокуускай куорат төрүттэммит чиэһигэр туруоруллубут монумент таһынааҕы болуоссакка анал байыаннай дьайыыны өйүүр кэнсиэр-миитин буолла.

Болуоссакка Арассыыйа, Саха сирин, «Zа Мир! Zа Россию! Zа Президента!» диэн суруктаах былаахтар тэлибирээтилэр. Күөх хонуу таһа буолан, салгына да сибиэһэйэ сүрдээх.

Быйыл олунньуга Арассыыйа Луганскай уонна Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэри тутулуга суох буолууларын билиммитэ, кинилэр көмөлөһүҥ диэн көрдөһүүлэрин ылынан, анал байыаннай дьайыыны ыытар туһунан биллэрбитэ. Бу сыала — Донбасска эйэлээх олох, Украинаны денацификациялааһын, демилитаризациялааһын, ол эбэтэр Арассыыйаны байыаннай кутталтан араҥаччылааһын.

Донбасска Арассыыйа орооһуута суох хаан тохтуутун аччатар уустуга. Украина аармыйата тас дойду наемниктарын көмөтүнэн ДНР уонна ЛНР олохтоохторун суох оҥорууга бэлэмнэммиттэрэ. Ол иһин бэрэсидьиэммит Владимир Путин дьону, норуоту көмүскүүр-араҥаччылыыр санааны ылыммыта.

Ол иһин бүгүн миитин-кэнсиэркэ дьон билигин биһиги Арассыыйа бэрэсидьиэнин өйүөхтээхпит уонна аармыйабытын эмиэ диэн санаалаах мустубуттара. Манна СӨ Идэлээх сойууһун федерациятын бэрэстэбиитэллэрэ олус элбэхтэр, Дьокуускай куорат уокуруктарыттан, үөрэх тэрилтэлэриттэн, тутааччылар,  ИДьМ үлэһиттэрэ уо.д.а. үгүс киһи, ордук эдэр ыччат, аҕам да саастаах дьон тоҕуоруйда.

Кэнсиэр-миитин олус өрө көтөҕүллүүлээхтик барда. Тэрээһини Аграфена Дмитриевна Макарова аатынан Култуура уонна искусство кэллиэһин «Өркөн» норуот ансаамбылын үҥкүүтэ (салайааччы Алена Павлова)  сэргэхситтэ. Сахалыы таҥастаах үҥкүүһүттэр болуоссаты киэргэттилэр.

Саха сирин Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев этиитин мустубут дьон болҕойон иһиттэ. Кини биһиги норуоппут интэриэһин көмүскэһээри түмсүбүттэрин бэлиэтээтэ, устуоруйа чахчыларыгар олоҕурда.

«Арассыыйа иһин» норуот фрона регионнааҕы исполкомун салайааччыта Валерий Лютый ааспыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кытта ситимнээн, Украина ол сэрии саҕанааҕы Германия курдук буолара  табыллыбатын эттэ. Уонна Арассыыйа бүттүүнэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны сомоҕолоһорун бэлиэтээтэ.

Уруккута Ис дьыала миниистирин солбуйааччы, полковник Петр Лазарев бу дьайыы  НАТО кыраныысса таһыгар күүһүн муспутуттан, олох кыһалҕаттан сылтаан ыытылларын бэлиэтээтэ.

«Я люблю тебя Россия» ырыаны Юрий Платонов аатынан Эстрада судаарыстыбананй тыйаатырын солистката, култуура туйгуна Татьяна Андросова- Андреана толоруута, кырдьык даҕаны, Арассыыйаҕа тапталы уһугуннарда.

Бүгүн миитин-кэнсиэркэ поковниктар, ИДьМ бэтэрээннэрэ Иннокентий Иванов, Геннадий Алексеев кыттыылара тэрээһини эмиэ дириҥ суолталаата. СӨ Судаарыстыбаннай филармониятын солиһа Василий Пинигин “Мы единое целое” ырыата дьиэрэйдэ. “Сэрии оҕото” уопсастыбаннай түмсүү, “Молодая гвардия Единой России”   чилиэннэрэ эмиэ көхтөөхтүк кэлэн Арассыыйаны, Бэрэсидьиэммитин, аармыйабытын өйүүллэрин биллэрдилэр. “Путин быһаарынытыын өйүүбүт!” – диэтэ быһаччы Егоров диэн “Сэрии оҕолорун” куораттааҕы сэбиэтин чилиэнэ. Бу өйүүр ис хоһоонноох этиилэргэ көмүскүү-араҥаччылыы сылдьар Арассыыйа саллаатынан киэн туттуу эмиэ иһилиннэ. Ыччаттар “Молодая Гвардия Единой России” тэрилтэттэн Вадим ПЕРЦЕВ этиитин болҕоойн иһиттилэр.

Салгыы “ZА МИР” флешмоб тэрээһини үрдүк таһымнаата.

Миитин-кэнсиэр түмүктэниитигэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыалаҕа министиэристибэтин “Служба 02” ансаамбылын (сал. Юта Асекритова) толорутуугар “Флаг моего государства” диэн ырыа тэрээһин  сүрүн идиэйэтин өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, толоруллуута да өрө көтөҕүллүүлээҕэ бэрт.

Бэлэмнээтиэ Женни Стрюкова

Хаартысканы: ааптар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0