“Сорох дьонтон “Саха сирин барытын атыылаатылар. Туохпут да суох хааллыбыт. Бачча баай дойдуга олоробут эрээри, дьадаҥыбыт” диэн этиини истэбин. Итиннэ манныгы этиэм этэ”, — диэн бэлиэтээтэ Егор Борисов, бүгүн Ил Түмэн сессиятыгар. Ил Дархан итиннэ хайдах хоруйдаатай?
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
“Сирбит баайа – биһиги сүрүн уратыбыт. Ол эрээри, сиргэ сытары хостоон таһааран атыылаан өрөспүүбүлүкэбит туһатыгар ыытарбытыгар инвестиция наада. Онуоха учууталлар, быраастар хамнастарын кыччатан, тыа сирин сайдыытыгар, социальнай эйгэҕэ туһулаабыт харчыбытын быһан туран тэрилтэлэри өйүүр кыахпыт суох. Оннукка барыахпыт да суоҕа. Ол иһин инвестордары аҕалан үлэлэтэбит. Кинилэр үлэлэриттэн биһиги бүддьүөппүт дохуоттаах чааһа сылтан сыл үрдүү турар. Сыыппараны ылан эттэххэ, кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр экономикабытыгар саҥа хайысханан 1,52 млрд солк. киирдэ”, — диэн иһитиннэрэр Егор Афанасьевич.
Ол эрээри инвестордар иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх хаһан да үктэммэтэх сиригэр эбийиэк туттан сир баайын туһаҕа таһаарар санаалара, биллэн турар, суоҕун эмиэ этэн аһарар тоҕоостоох. Ким оннукка сөбүлэһиэй? Ол иһин өрөспүүбүлүкэ кинилэргэ барыстаах усулуобуйаны олохтуур. “Ол эрээри биһиги бэйэбит усулуобуйабытын толорор эрэ буоллахтарына, тэҥҥэ үлэлэһэбит. Холобур, “Сургутнефтегаз” манна кэлэригэр барыстан киирэр нолуокка чэпчэтиилэри көрбүппүт. Билигин хампаанньа атаҕар турда, онон ити чэпчэтиинэн туһаммат. Өрөспүүбүлүкэ бу хампаанньаттан 60 млрд солк. нолуок быһыытынан ылла”, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.
Манна даҕатан эттэххэ, “АЛРОСА” хампаанньа былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, 62 млрд солк. хааһынабытыгар киллэрдэ.
Ону сэргэ, улахан хампаанньалар үлэлиир сирдэригэр дьон-сэргэ үлэтэ суох буолуута кыччаата. Холобур, үлэтэ суох буолуу Ленскэйгэ – 2,6, Ньурбаҕа – 1,7, Өймөкөөҥҥө – 1,8 төгүлүнэн түстэ. Промышленнай оҥорон таһаарыы 2010 сыллааҕыны кытары тэҥнээтэххэ, 50 бырыһыанынан үрдээбит. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэр дохуота 49 %-тан 65 %-ҥа диэри улааппыт. Даҕатан эттэххэ, былырыыҥҥы сыллааҕы дохуоппут 175 млрд солк. тэҥнэспитэ. Итинтэн улахан аҥаарын “АЛРОСА”, “Сургутнефтегаз”, “Транснефть”, “Якутуголь” хампаанньалар нолуок быһыытынан киллэрбит харчылара ылар. “Дохуоппут үрдээбитин түмүгэр, үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, социальнай бэлиитикэҕэ, култуураҕа, спорка угар харчыбыт эмиэ тэҥҥэ үрдээтэ. Уопсай ылан эттэххэ, промышленнай эйгэҕэ билигин төбөбүт ыалдьыбат буолла. Ол иһин 2030 сылга диэри сайдыыбыт тосхолун көрдөрүөхтээх саҥа Стратегиябытыгар олохтоох оҥорон таһаарыыга, бэйэбит туһанарбытыгар производствоны туһулуурга, тыа хаһаайыстыбатыттан саҕалаан инфраструктураны оҥорууга тиийэ, сүрүн болҕомтобутун уурдубут”, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.
Аграфена КУЗЬМИНА,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru