Саха сирэ Арассыыйа уопсай уотун ситимигэр холбонно

22.01.2019
Бөлөххө киир:

Саха сирин Киин уонна Арҕаа  оройуоннара Арассыыйа  энергетичэскэй ситимнэригэр холбостулар. Ол курдук, бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр,  Мэҥэ Хаҥалас улууһугар   «Майа»  220 кВ  кыамталаах подстанция  арыллыытын сиэрэ-туома ыытылынна.

edersaas.ru


Санатан эттэххэ, тохсунньу 1 күнүттэн  Нерюнгритааҕы ГРЭС — Аллараа Кураанах — Томмот — Майа хайысхатынан  уопсайа 756 килэмиэтир уһуннаах энергетическэй ситим  үлэҕэ киллэриллибитэ.  Онон уот ситимнэригэр саахал тахсар түгэнигэр, тута чөлүгэр түһэриллиэхтэрэ. Саҥа подстанция арыллыытыгар  Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла. 

«Бары көрө-билэ сылдьабыт, Дьокуускайдааҕы  бастакы  уонна иккис нүөмэрдээх ГРЭС-гэ  сотору-сотору  саахал тахсан, тыҥааһыннаах балаһыанньалар үөскүүр этилэр. Билигин биир кэлим энергетическэй ситимнэргэ холбоһон, балаһыанньа тосту уларыйыа. Онон, өрөспүүбүлүкэҕэ историческай суолталаах түгэн буолла. Түгэнинэн туһанан, Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар, «Россети» хампаанньа салалтатыгар,   тутууга үлэлээбит дьоҥҥо барыларыгар махтанабын!», — диэн бэлиэтээн эттэ Айсен Сергеевич.

«Маннык кыамталаах подстанция Саха сиригэр соҕотох. Кэриэйэ аныгылыы тиэхиньикэтэ тыйыс тымныыны, өҥүрүк куйааhы тулуйар кыахтаах», — дииллэр подстанция үлэhиттэрэ. 

Тутуу уопсай суумата  19 млрд солк. тэҥнэһэр. 

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0