Соторутааҕыта Арассыыйа киин куораттарын үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын биридимиэттэринэн олимпиадата буолан ааста. Быйыл олимпиадаҕа, уопсайа, 1450 оҕо кытынна. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр 2400 устудьуон үөрэнэр.
edersaas.ru
Олимпиада былырыыҥҥыттан ыла кэтэхтэн ыытыллар. Ол эбэтэр, оҕолор Дьокуускайга кэлэ барбакка, миэстэтигэр туттараллар. Инньэ гынан, киин үрдүк үөрэх кыһаларыгар тус сыаллаах (целевой) бырагырааманан туттарсыан баҕарар оҕолорго улахан көмөнү оҥордулар. Сорудаҕын, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ бииргэ үлэлэһэр үрдүк үөрэх кыһалара толкуйдаабыттар. Аны быйылгыттан өссө тупсаран, олимпиадаҕа чаҕылхайдык кыттыбыт оҕолорго биир кэлим эксээмэннэрин (ЕГЭ) баалыгар өссө 10 баалы эбэр туһунан быһаарыыны ылыммыттар.
Бу күннэргэ Томскайдааҕы национальнай политехническэй чинчийэр университет, Новосибирскайдааҕы аграрнай судаарыстыбаннай университет, Ураллааҕы судаарыстыбаннай юридическай университет, Уһук Илин судаарыстыбаннай университета, А.И.Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет, Санкт-Петербурдааҕы хайа судаарыстыбаннай университетын, Томскайдааҕы салайыы систиэмэтин уонна радиоэлектроника университетын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн бардылар. Кинилэр сүрүн сыалларынан үөрэнээччилэр инники идэлэрин сөпкө талалларыгар көмөлөһүү, бэйэлэрин кыһаларын туһунан билиһиннэрии буолар.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай иһитиннэрбитинэн, өскөтүн былырыын бу олимпиадаҕа 1412 оҕо кыттыбыт эбит буоллаҕына (305 оҕо үөрэххэ киирэргэ мэктиэлэммит), быйыл 1450 оҕо холоммут. Кинилэр математика, физика, химия, биология, география, обществознание, история, информатика биридимиэттэрин туттарбыттар. “Саха сирэ бииргэ үлэлэһэр киин үөрэхтэрин кыһаларыгар, тус сыаллаах (целевой) бырагырааманан биһиэхэ көрүллэр миэстэтээҕэр, кинилэргэ бүддьүөт миэстэтэ элбэх буолар. Ол эбэтэр, үчүгэй бааллаах уонна олимпиадаҕа билиилэрин таһымын дьоһуннаахтык көрдөрбүт оҕолору, бу үрдүк үөрэх кыһаларыгар баар бүддьүөт миэстэлэригэр бэйэлэрэ туттарсалларыгар сүбэлиэхпит”, — диэн иһитиннэрдэ.
Национальнай бырайыагынан сибээстээн, каадыр боппуруоһугар эмиэ туспа болҕомто ууруллар. Ол курдук, “Доруобуйа”, “Култуура”, “Цифровой экэниэмикэ” бырайыак иитинэн сөптөөх квалификациялаах каадырдары иитэн таһаарар соруктаахтар. Холобур, “Цифровой экэниэмикэ каадыра” диэн хос бырайыагынан АйТи араас хайысхаларыгар 52 тус сыаллаах миэстэни (целевой) көрөр санаалаахтар.
Бэрэстэбиитэллэр өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр үөрэххэ киирбит оҕо саамай сүрүнэ сарсыарда эрдэ туруон, көтүппэккэ үөрэниэн, преподаватель биэрбит сорудаҕын кэмигэр толоруон наада диэн этэллэр.
Тэрийээччилэр, олимпиада түмүгэ муус устар 15 күнүгэр биллиэҕэ дииллэр. Министиэристибэ билиҥҥитэ киин куораттар 50-ча үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын кытта үлэлэһэр. Быйыл тус сыаллаах бэлэмнээһининэн быһа холоон 300 курдук миэстэ көрүллүө дииллэр. Истибэккэ хаалбыт абитуриеннар аны сайын, хаалбыт миэстэлэргэ туттарыахтарын сөп диэн иһитиннэрэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: интэриниэттэн