Саха сирэ уон бастыҥ регион иһигэр киирдэ

Бөлөххө киир:

Саха сирэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “ыам ыйынааҕы укаастарын” социальнай эйгэҕэ  толорууга дойду уон бастыҥ регионун иһигэр киирдэ. Ол туһунан рейтиннэри оҥорор «Медиалогия» хампаанньа иһитиннэрэр.

edersaas.ru

Бу хампаанньа барыта 43300 иһитиннэриини (тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, хаһыат, сурунаал, Интэриниэт, информационнай агентстволар) ырытан көрөн, рейтинг оҥорбут.

Бастакы миэстэни Москва уобалаһа, иккиһи – Дагестан, үсүһү – Приморскай кыраай ыллылар. Онтон салгыы Москва куорат, Свердловскай уобалас, Татарстан, Ямал-Ненец уокуруга, Саха сирэ, Челябинскай уонна Ульяновскай уобаластар киирбиттэр. Ол эбэтэр Саха сирэ ахсыс миэстэлээх.

Бу манна бүддьүөт үлэһиттэригэр  хамнаһы үрдэтии, хамнас алын кээмэйин тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнээһин, социальнай өҥөлөрү оҥоруу, о.д.а. барыта учуоттанар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0