Саха сирэ «Суһал көмө» саҥа массыынатынан сыл аайы хааччыллар
Саха сирин балыыһаларыгар суһал көмө «В» кылаастаах 21 саҥа массыыната аҕалалынна. Массыыналар өрөспүүбүлүкэ 15 муниципальнай тэриллиитигэр бэрилиннилэр. Федерация бу дьоһуннаах өйөбүлүнэн массыына паарката 9 бырыһыан саҥардылынна.
edersaas.ru
Кэрэхсэбиллэээҕэ диэн, «УАЗ» уонна «ГАЗ» мааркалаах массыыналар Уһук Хотугу сир усулуобуйатыгар анаммыттар. Ол эбэтэр, массыыналар истэрэ эбии сылытыллыбыттар.
Саҥа массыыналарга тыҥаны «салгылатар» электроннай аппараат, дефибриллятор, электрокардиограф, компрессорнай ингалятор, үтэр тэлиэскэ, наһыылка, хааҥҥа глюкозаны быһаарар портативнай экспресс-кээмэйдиир прибор бааллар.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин балыыһалара былырыын 12 «В» кылаастаах уонна 1 «С» кылаастаах (реанимобиль) массыынанан эбиллибиттэрэ. Массыыналары атыылаһарга 27 мөлүйүөн сууманы Арассыыйа Федерацията уйуммута. «Суһал көмөлөр» Айхал, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Мирнэй, Нерюнгри, Ньурба, Сунтаар улуустарын киин балыыһаларыгар уонна Дьокуускай к. суһал көмө станциятыгар бэриллибиттэрэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru